Page 74 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 74

Үктүү-баттыы үөрэммит
                   Үрүт дьүүл тутаахтара,
                   Үрүҥ харахтарын
                   Өрө көрдөрбөккө,
                   Өлөртүү тураллар эбит.

                          Кырдьаҕас үйэлэртэн ыла
                          Кыралар тылларыттан
                          Кыбыстыбакка үөрэммит
                          Кылаабынай тутаахтар
                          Кыргыталыы тураллар эбит.

                                     Урукку сокуон олоҕор
                                     Уойбут-топпут
                                     Улахан тутаахтар
                                     Утары көрбүтү
                                     Улуу остуруоктарга
                                     Угуталыы тураллар эбит.
                          Бу иһин
                   Кистэлэҥ сүбэнэн
                   Кэмэ суох элбэх
                   Киксиилэр тэриллибиттэр,
                          Сири аннынан
                          Сэкириэтинэй сүбэлэр
                          Сэмэлэнэн эрэллэр,
                   Суут кулгааҕа истибэтинэн
                   Собуот-баабырыка аайы
                   Сурук-бичик суугунаан эрэр.
                   «Солобуода» дии-дии суудайаллар,
                   «Эрэбэлииссийэ» дии-дии иирэллэр,
                   «Эрэспиибиликэ» дии-дии
                   Эҕэрдэлииллэр эбит.
                          Ол туох-туох
                   Кус-хаас тойуга буолла —
                   Кэпсээннэрин истибэт

                                                буолан кэбэлийдим,
                   Саҥаларын сабаҕалаабат

                                                буолан сарбылынным,
                   Тойуктарын толкуйдаабат

                                                буолан тууйулуннум.
                          Хара норуот
                   Харахха анньа турар
                   Хараҥа баттатыылаах буолан
                   Хабырыһа сатыыр эбит,

74
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79