Page 70 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 70
Сир билиитэ муора сиксиктээх,
Атылантыычаскай байҕал бастыҥалаах,
Кыһын кыдьыгар кыһарыллыбатах,
Тымныы тыыныгар тыыттарбатах,
Күндүл-күлүмүр күнүстээх,
Көрдөөх-нардаах
Көҕөрөр күөх сайыннаах
Сир киэнэ килбэйэр киинэ,
Матайар хаһата,
Дьуларыйар оройо
Дьоллоох-соргулаах
Дьобуруопа диэн
Тоҕус уон үйэ тохору туругурбут,
Аҕыс уон үйэ тохору аатырбыт,
Сэттэ уон үйэ тохору силигилээбит
Сир аххан баар эбит ини, сэгэрдээр.
Ол дойдуга
Омук-омук
Одурууннаах дьорҕоотторо,
Ордук үөрэхтээхтэрэ
Олус үөскээн хаалан,
Олуона кыараҕастык
Олороллор эбит.
Ол иһин онно —
Олуйсар-моһуйсар одурууннааҕа,
Күөтэһэр-күрэстэһэр күчүмэҕэйэ,
Албастаһар-адьырыһар амырыыннааҕа
Кинилэргэ эбит…
Биһигинньиктэр диэки
Кырыы харахтарынан кынчарыйбаттар,
Куойаларыгар-маҥкыларыгар оҕустарбаттар,
Түүллэригэр-биттэригэр
Түбэһиннэрбэттэр быһыылаах.
Ол эрээри
Бултуур муораларын,
Буулуур омуктарын
Булуна сылдьар
Булууһут дьон эбит.
Адаҕыйар арыыларын,
Аҥала омуктарын
Алдьата сылдьар
Амырыын дьон эбит.
70