Page 65 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 65
Ол даа иһин —
Соҕуруу диэки омуктар
Орто туруу дойду
Дьоллоох уйгу быйаҥар
Топпот-хаммат гына
Туолан-тунуйан хаалтар,
Кэтит Сибиир ийэ
Кэскиллээх илгэтигэр
Иитиллибэт, тэриллибэт гына
Тэнийэн элбээн хаалтар.
Аан ийэ дайды
Алгыстаах аһыгар-таҥаһыгар
Астыммат-абыраммат гына
Алыс таһымнаан хаалтар…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Өйдөөххө дылыларын иһин
Үлүгэр-алдьархай төрдө
Үксүүртэн үөдүйэрин
Өйдүөбэккэ өлбүттэр,
Санаалаахха дылыларын иһин
Алдьархай-айдаан төрдө
Алыс элбииртэн айылларын
Аахайбакка акаарытыйбыттар,
Төбөлөөххө дылыларын иһин
Түбүк-түрүлүөгэ төрдө
Төрүөх үксүүрүттэн түмүктэнэрин
Төлкөлөөбөккө түөһэйбиттэр.
Анараа ааспыт сахтарга,
Былыргы быралыйбыт дьылларга,
Урукку уларыйбыт хонуктарга
Кырыктаах омуктар
Кыра ыалларын
Кыама суох кырган,
Айхаллыы-айхаллыы
Аан дайды
Айылгылаах олоҕуттан
Алаһалары алдьатан
Араартаан кээстэр,
Уруйдуу-уруйдуу
Орто дойду
65