Page 62 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 62
«Хайдахтан маннык
Хара дьайдаах тылы
Хааҕырҕаатыҥ» диэтэргит,
«Туохтан бу курдук
Сордоох тылы
Онолуйдуҥ» диэтэргит —
Истиҥ эрэ, эрэстииттэр,
Сэргэҕэлээҥ эрэ, сэгэрдэр,
Толкуйдааҥ эрэ, тукаларыам!
Этээри этэбин,
Саҥараары саҥарабын,
Кэпсээри кэпсиибин…
Үрдүк халлаан үктэллээх,
Үүс-аас бэйэлээх
Үрүҥ Аар тойон
Үрүҥ күнү үөскэтэригэр,
Аралы халлаан алаһалаах,
Аһыныылаах санаалаах
Айыы тойон аҕабыт
Аан дайдыны айарыгар:
Аата-ахсаана таайыллыбат,
Кэмэ-кэрдиитэ биллибэт,
Дьүүлэ-дьүһүнэ көстүбэт,
Тус-туһунан уҥуохтаах,
Эҥинэ-дьикти бэйэлээх,
Күндү-көйгө дьүһүннээх
Үөнү-көйүүрү,
Көтөрү-сүүрэри,
Тыынар тыыннаах биистэрин ууһун
Элбэҕи даа тэрийдэ этэ,
Үгүһү даа үөскэттэ этэ,
Алыһы даа айда этэ…
Ону баара
Хор бу —
Иннинэн сирэйдээх,
Эргийэр иэччэхтээх,
Икки атахтаах,
Бокуйар тобуктаах,
Босхо бастаах
Бороҥ урааҥхай обургу,
Хара хапсык курдук,
Хасты хамыйда,
62