Page 61 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 61
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Килбиэннээх курбуутугар тахсан,
Кэдирги түһэн
Кэтэһэн олордум.
Ордоо-добун халлаан
Уордаах оһуутун дугуйданан
Одуулаан олордум.
Үрдүк күндүл халлаан
Үрүт мөҥүөнүн миинэн
Өҥөйөн олордум…
Орто курбуу дьаҕыл дойдум
Муостаах-нуоҕайдаах бэргэһэ
Туһахтатын курдук буолан
Туналыйан-туйааран көһүннэ.
Сир ийэ хатыны
Сиксик сиксиктэринэн
Сидьэйэн ситэн көрдүм,
Улуу муоралары
Улаҕа өттүлэринэн
Одуулаан урбачыттым,
Ааттаах араат байҕаллары
Анараа өттүлэринэн
Адыылаан анаардым…
Ол олорон оруоллуу
Олордохпуна, оҕолоор, —
Одун хаан оҥоһуута
Улаатан эрэр эбит.
Чыҥыс хаан ыйааҕа
Ыксатан эрэр эбит.
Күһэҥэ быата быстара,
Күн туллара күһэйбит.
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Айгыр-силик
Аан ийэ дайдыбытыгар
Ат таппатынан
Аньыы баҕадьы
Ааҥнаабыт эбит,
Оҕус таппатынан
Модун буруй
Буулаабыт эбит…
61