Page 56 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 56

2. Бухатыыр ата ханнык түбэлтэҕэ, хаһан, тоҕо киһилии саҥа-
      рар эбитий? Олоҥхоһут ат ырыатын тылыгар туох уратыны
      туттубутун быһаарарга холонуҥ.

  3. Харыадьылаан Бэргэн андаҕарын өйдөөн ааҕыҥ. Андаҕар
      тыла алгыс тылыттан ис хоһоонунан, сүрүн санаатынан
      туох уратылааҕын быһаарыҥ.

        Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
       XX үйэ олоҥхоһута Бүлүү олохтооҕо Василий Осипович Ка-
  ратаев «Модун Эр Соҕотох» олоҥхотун оҕо сылдьан биир дойду-
  лааҕа Бүлүү аатырбыт олоҥхоһута Т.П Гоголевтан истэн иҥэ-
  риммитэ, таптаан толорор олоҥхо оҥостубута. Аҕатыттан уус
  идэтигэр уһуйуллан сааһын тухары тутууга үлэлээбитэ. Уус-
  уран самодеятельноска көхтөөхтүк кыттара. Норуот ырыатын-
  тойугун, олоҥхоттон быһа тардыыны кэнсиэртэргэ үгүстүк
  толороро. Фольклорист В.В. Илларионов В.О. Каратаев «Мо-
  дун Эр Соҕотох» олоҥхотун маҥнай 1974 сыллаахха, иккиһин
  1982 сыллаахха магнитофоҥҥа устубута. Онтон сурукка кил-
  лэрэн, быһаарыылаан, бэлэмнээн «Памятники фольклора на-
  родов Сибири и Дальнего Востока» сиэрийэҕэ 1996 сыллаах-
  ха икки тылынан бэчээттэппитэ. «Модун Эр Соҕотох» олоҥ-
  хо нууччалыы тылбааһын П.Е. Ефремов, С.П. Ойуунускайа,
  Н.В. Емельянов оҥорбуттара.

56
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61