Page 51 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 51
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кырдьаҕас ыалга төрөөбүт оҕо дьиктитик сүтүүтэ туох тө-
рүөттээх эбитий?
2. Моҕул кугас аттаах Модун Эр Соҕотох бухатыыр туохтан
сылтаан аллараа дойду атамаана Таас Дьаантаар Дара Буу-
райдыын охсуһа барарга сананна?
…Ол кэнниттэн
Куус гына кымньыылаан баран,
Бараары гыммыта,
Ат сылгыта
Тэлгэһэтин тула сүүрэ сылдьан,
Тоорт гына тыбыыра-тыбыыра,
Сири быһа табыйа-табыйа,
Баҕаналыы тэбинэн
Тура биэрэн баран,
Киһилии кэпсэллээх,
Сахалыы саҥалаах,
Туман туурай тойуктаах,
Ыыс быдаан ырыалаах,
Саҥ-дьаарай саҥалаах
Буола турбута эбитэ үһү.
(Ноо!)
Ат ырыата:
«Анньыһаҕы,
Анньыһаҕы!
Эминэ да, тугуйбуна да!
Тоҕус уоммун туолуталаан,
Тоҥхойболуу кырдьыахпар дылы,
Тойоммуна арҕаһыгым тойонуга,
Аҕыс уоммун туолуталаан,
Акыйбалыы кырдьыахпар дылы, баҕас,
Адарайдыыр арҕаһым аргыһыга
Миинниир диэтэх соноҕостой сылгыбына,
Этитэлиир эттиир нуурай тыллааныкпын
Иккибинэн иэдэстэргэр
Илдьэ турар
Тэргэн куйаар кулгааххынан
Иститэлии сэргэҕэлээ.
Анньыһаҕы,
51