Page 46 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 46
Орто аан ийэ дойдубун
Айар күннэригэр
Күндүл салгыҥҥа
Көпсөлөнө оонньуур
Көй салгын болбуоттаах,
Күндү нүөлсүн түүлээх
Көтөр кынаттааҕынан
Дьөһүөлдьүттээбиттэр эбит.
Төгүллээн-чүөмчүлээн хаамар
Түөрт атахтааҕынан
Төгүллээн үөскэппиттэр эбит.
(Ноо!)
Арҕаа диэки өттүн
Эргитэ көрөн кээспитим,
Куба көтөрүм түөһүн уҥуоҕун
Умсары ууран кээспитим курдук,
Үрүҥ өндүрүүт дьиэлээх
Ыал бөҕөлөөх
Бу дойдуга олорор эбит.
(Ноо!)
Хайа бэйэлээх дьоннорум
Ыал буоланнар,
Ыыр үктээннэр,
Буруо таһаараннар
Олорбуттар эбитий диэн,
Өйдөөн-дьүүллээн көрдөхпүнэ,
Сир Сабыйа Баай Тойон оҕонньор диэн,
Сабыйа Баай Хотун эмээхсин диэн
Ыал буоланнар,
Ыыр үктээннэр,
Үйэлээх саастарыгар
Аҕа баһыгар аатыраннар,
Дойду баһыгар сураҕыраннар
Дойду сиһэ буолан,
Олорбуттар эбит.
(Ноо! Дьэ!)
Ол да буоллар,
Кэлин астара кэрэмэстийиэр диэри,
Илин астара элэмэстийиэр диэри,
Илин тиистэрэ көтүллүөр диэри
Оҕо диэни төрөппөтөхтөр эбит.
46