Page 47 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 47

Лаппа кырдьан баран төрөппүт оҕолоро тута сүтэн хаалар.
Онтон Айыы Дьаргыл удаҕан кыталык буолан кэлэн, уолла-
рын Үөһээ халлаан буойуттара буулаҕа бухатыыр оҥороору
иитэ-харайа ылбыттарын тиэрдэр. Ол ылан, Орто дойдуну,
айыы аймаҕын көмүскүүр аналлаах буулаҕа бухатыыр оҥорон,
улаатыннаран баран, босхо хара тыаны моонньоох баһынан
куотар моҕул кугас аттаах Модун Эр Соҕотох диэннэр аат
иҥэрэн дойдутугар төттөрү ыыталлар.

                 (Ноо!)
                 Оол утуйа сытан эрэн,
                 Уутун быыһынан иһиттэҕинэ,
                 Аҕыс таталҕалаах
                 Аан холорук
                 Таҥнары сатыылаата быһыылаах,
                 Ураһалара охто сыста,
                 Баҕаналара байааттан ылла,
                 Кэмниэ кэнэҕэс,
                 Хомнуо-хойут
                 Туох эрэ айдаан буолбутугар
                 Уол киһи уһукта баттаан көрбүтэ:
                 Өлөр өлүү Өксөкү кыыла кэлэн,
                 Ураатын өҥөйөн олорор эбит.
                 Субу курдук диэн саҥалаах,
                 Сити курдук диэн кэпсэллээх
                 Буола олорор эбит.
                 Бай, бу туох ааттаах үлүгэрэй [диэн],
                 Уол уһукта биэрэн
                 Оронугар олоро түһэр,
                 Олорон эрэ истибит.
                 Таас Дьаантаар Дара Буурай:
                 «Бай да, доҕор, диибин,
                 Босхо хара тыабын
                 Моойдоох баһынан куотар
                 Моҕул кугас аттаах
                 Модун Эр Соҕотох,
                 Аан дойдуну
                 Атахпынан аймаатым,
                 Улуу дойдуну
                 Тобукпунан соймоотум даҕаны-ы,
                 Эн курдук
                 Туруору уҥуоҕунан төрөл киһини
                 Кирдьик даҕаны,

                                                                                                                                      47
   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52