Page 52 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 52
Анньыһаҕы,
Анньыһаҕы!
Эминэ да тугуйбуна,
Барбыт бөҕө баһыллыбат,
Куоппут бөҕө сомсуллубат дойдутугар
Аҕыспына хараҕалаах
Аанныыр хайа
Суоллуур ийэни
Арҕастаары тураахтыыгын,
Тоҕуспуна тоҕойдордоох
Суоллуур ийэни
Тобулаары тураахтыыгын,
Чэйиий, нойоон,
Аанныыр ийэ дойдуларыҥ
Алгыстарын ылыталаа.
Туруу дойдуҥ
Тумаралыыр дьэлликпинэ,
Толоотторуҥ иччилэрин
Тоһоҕолоох алгыстарын
Тоҥолоххор иилиниий.
Анньыһаҕы,
Анньыһаҕы,
Анньыһаҕы!
Чэйиий, нойоон,
Минниир диэтэх
Соноҕостой сылгыбынан-
Үллэр үйэм устатыгар
Үстүүр төгүл
Киһилии да кэпсэтэбин,
Сахалыы да саҥарталыыр идэлээхпин.
Минниир диэтэх сылгыбынан
Туойарбына торҕо туурай хоһоонукпун
Тоҕус үүттээх долоҕойгор
Чопчу тутар буолаахыйдаар,
Кэнэҕэһин кэнэҕэс да,
Сэрэнээхтээ-сэрэнээхтээ.
Анньыһах,
Анньыһаҕым,
Анньыһаҕым.
Ытык тылбын ылынаарыый,
Кэриэс тылбын кэһимээриий,
Чэйиий», — дии турбута.
(Ноо!)
52