Page 50 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 50
Хара улардааҕар хапсаҕайдык
Хаҥка дьолуо ыҥыырыгар
Хап-бааччы хатана түстэ,
Токутар улар курдук
Чоноччу олорон кэбистэ.
Ол кэнниттэн
Оҕонньор киһи кэнниттэн тахсан,
Тиэргэнигэр туран эрэ
Субу курдук диэн тойуктаах,
Сити курдук диэн кэпсэллээх,
Аан-дьаалы алгыстаах
Буола турбута эбитэ үһү.
(Ноо!)
Сир Сабыйа Баай Тойон:
Босхо хара тыаны
Моойдоох баһынан куотар
Моҕул кугас аттаах
Модун Эр Соҕотох
Оҕолоотор оҕокойум,
Бүөбэйдээтэр бүөбэйим,
Илин атаҕыҥ
Ибирэ суох буоллун,
Кэлин атаҕыҥ
Кэбирэ суох буоллунууй,
Саалаахтан самнаайаҕын,
Охтоохтон охтоойоҕун,
Сытыы тыллаах сынтарыйдын,
Хара харахтаах халбарыйдын.
Ээй, эй!
Аллараа дойдум
Алдьархайдаах атамаана
Таас Дьаантаар Дара Буурай
Үс дойду үрдүнэн
Үтүө аата
Үргүүк таба түүтэ буолан,
Үрэлийбит киһи буолар,
Бэркэ диэн сэрэнээр,
Өлөр-хаалар күнүҥ кэллэҕинэ,
Үөһээ айыыларгын
Ыҥырар буолаарыый», — дии турбута.
(Ноо!)
50