Page 45 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 45
Сарбайа үүнэн,
Сараадыйа улаатан испитэ эбитэ үһү.
(Ноо!)
Ол курдук
Тоҥолохтоотор долгуйбат,
Баттыалаатар маталдьыйбат
Баараҕай таһааланан,
Туруу чоҕой хара буорум
Туоллан туругуран испит эбит.
Туруу чоҕой хара буорум
Туруу дьааҥынан тулаланан,
Араат байҕалынан арҕастанан,
Уолбат муоранан улаҕаланан [испит],
Сэттэ иилээх-саҕалаах,
Сэттэ биттэхтээх
Сир ийэ аан дойдум
Сити курдук үөскээн испит эбит.
(Ноо!)
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгырдаах-силиктээх
Аҕа бараан дойдубун
Аан бастаан соҕурдук
Айан испиттэр эбит;
Сэттэ иилээх-саҕалаах,
Сэттэ биттэхтээх
Сир ийэ аан дойдубун
Сэттэ сиикэй муоранан сиксиктээннэр
Ситэрэн-ханаран испиттэр эбит.
(Ноо!)
Тоҕус иилээх-саҕалаах
Тоҕус биттэхтээх,
Тоҕус тоҥмот муора улаҕалаах
Туруу чоҕой хара буорбун сол курдук
Туруоран испиттэр эбит.
(Ноо!)
Аан ийэ дойдубун
Охтон баранар мастааннар,
Уолан суоруйар уулааннар,
Ороһулаан төрүүр киһилээннэр,
Оккураҥнаан төннөр сүөһүлээннэр,
45