Page 41 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 41

а±ыс халча±ай хара ма±аас
                 атыыр о±у´у та²нары μтэттээри²,
                 μс уу долгунун курдук
                 кμ³х эбириэн ынах сμ³´μтэ ыытаары² —
                 онон би´иги манньабыт
                 бμтμ³х тустаах этэ!» —
                 диэтилэр да баран хааллылар.

    Онтон ыла хочо икки ³ттμнэн инитин кытта тус-туспа ыал
буолан, дьиэлэнэн, хойууларыгар б³т³нн³р, уба±астарыгар ча-
чайаннар саха ки´и т³рд³ буолан олорбуттар μ´μ.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Урут истибит, аахпыт олоҥхолоргутуттан бу олоҥхоҕо туох
        уратыны бэлиэтии көрдүгүт?

    2. Этнограф уонна фольклорист И. А. Худяков саха олоҕун, итэ-
        ҕэлин, олоҥхотун чинчийэн баран, «Олоҥхо диэн саха үөрэҕэ
        эбит» диэн санааҕа кэлбитэ. Оттон бу олоҥхоҕо туох үөрэҕин
        таба көрдүгүт? Ону олоҥхоһут хайдах тиэрдэрин ырытан
        быһаарсыҥ.

    3. Дьулуруйар Ньургун Боотур быһылааннарын (кими быы-
        һаары кимниин охсуспутун) исхиэмэҕэ көрдөрүҥ. Айыы бу-
        хатыыра буолар аналын хайдах толорбутуй? Абааһы буха-
        тыырдарыттан ураты кимнээҕи кытта туохтан сылтаан күөн
        көрүстэ, күрэстэстэ?

    4. Бухатыыр бары быһылааныгар, олоҕор-дьаһаҕар ким, туох,
        хайдах күүс-көмө буоларын кэтээн көрүҥ, санааҕытын этиҥ.

    5. Толкуйдаан көрүҥ: «Аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мө-
        ҥүөннээх аан ийэ дойду» диэн олоҥхо төрүт өйдөбүлэ туох
        санааны тиэрдэрий? Тэнитэн быһаарыҥ.

      Тылбытын байытабыт

Олоҥхо олук тылларын ситэриҥ:

    Суон ойуур курдук дурда буол, халыҥ … .
    Айыы аймаҕын араҥаччылаатын, … .
    Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйа турабын, … .
    Тэһииннэ тутуҥ, …, … .
    Айан киһитэ ааспыта буолуо, … .
    Киэҥ көхсүбүт сүүтүктээҕэр кыараан, … .
    Саалаахтан самныма, … .

                                             41
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46