Page 44 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 44
Аах. Бил. Туһан
1. Иевлев Е. К. Олоҥхо улуу номоҕо // Е. К. Иевлев. Айыы
таптал — киһитийии аартыга. — Дьокуускай : Бичик, 2011.
2. Попова А. С. Олоҥхо атыгар мэҥэстэн. — Дьокуускай : Би-
чик, 2010.
3. Чехордуна Е. П., Иванова Е. П. Олоҥхо эйгэтэ. — Дьокуус-
кай : Бичик, 2005.
4. Чооруоһап М. А. Олоҥхо — норуот баайа. — Дьокуускай :
Бичик, 2009.
Аа±ыы, сэ´эргэ´ии
ВАСИЛИЙ ОСИПОВИЧ КАРАТАЕВ
(1926—1990)
Модун Эр Соҕотох
Былыргы дьылым
Быстар мындаатын
Быдан ынараа өттүгэр,
Урукку дьылым
Охсуһуулаах уорҕатын
Отой анараа өттүгэр,
Ааспыт дьылым
Анысханнаах айдааннаах күнүн
Адьас анараа таһаатыгар,
Куоппут дьылым
Кудулҕаннаах кудан өлүү уорҕатын
Куоһаралаах хонноҕор
Киһи аймаҕым
Кэпсэтэн билсэ илигинэ,
Саха аймаҕым
Саҥарсан дьааһыйа илигинэ,
Сир ийэ хотунум
Сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин саҕаттан
Тэнийэн-тэрбэйэн,
Үүнэн-үөскээн,
Сачарыы табам
Кулгааҕын сарыытын
Тиэрэ тарпыт курдук,
44