Page 48 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 48

Көрбөтөх эбиппин, нойо-он!
               Арҕаһыттан тэһииннээх
               Айыы хаан аймахтарын,
               Кирдьик да,
               Көмүскүөх киһи эбиккин, нойо-он!
               Ол да буоллар
               Туох наадалаах буолаҥҥын,
               Сорук булан, тиийэн кэлэҥҥин,
               Айах атан амалайдыҥ диэҥҥин
               Ыйытар буолларгын,
               Кыһынын сүгэ туттаран,
               Mac кэттэриэххэ
               Баһаам үчүгэй
               Уолчаан эбиккин, нойоон!
               (Ноо!)

               Сайынын хотуур туттарыахха,
               Хоһуун да үчүгэй уолчаан эбиккиин.
               Айыы Дьаҥсаар Тойон оҕонньор аҕалаах,
               Айыына Сиэр Хотун эмээхсин ийэлээх
               Тоҕус тутум сыһыахтаах
               Туналыкаан Куону,
               Күнүм кыыһа күөгэрдиирбин,
               Сааратыаххар даҕаны
               Саарбах үчүгэй киһи эбиккиин.
               Онон миэхэ бараҥҥын,
               Ол уолчаан буолаҥҥын,
               Илин-кэлин сүүрэҥҥин,
               Саататыаҥ буоллар,
               Салгын куккун хаалларыаҕым, нойо-он.
               Буолунар, буолуммат тылгын
               Этэ охсууй», — дии турбута.
               (Ноо!)

               Босхо хара тыаны
               Моойдоох баһынан куотар
               Моҕул кугас аттаах
               Модун Эр Соҕотоҕу
               Үйэтигэр кинини ким инньэ диэбитэ баарай,
               Уохтаахтык өһүргэннэ,
               Өһүргэммитин өһүлбэт киһи эбит,
               Кыыһырбытын кыйдаабат киһи эбит,
               Ойон туран эккирээтэ,

48
   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53