Page 49 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 49
Ураһатын күлүк өттүн
Көҥүтэ көтөн,
Таһырдьа сулбу ойон тахсаатын кытта,
Анараа киһи баҕайыта
Тус хоту диэкки
Көтөн түөллэн ырааппыт эбит.
(Ок-сиэ! Куттанан барда быһыылаах.
Хайдах гыныай?)
Босхо хара тыаны
Моойдоох баһынан куотар
Моҕул кугас аттаах
Модун Эр Соҕотох
Моҕул кугас атын
Сыһыыттан сылгылаан,
Хонууттан хомуйан таһааран,
Аҕыс уостаах
Алтан сэргэтигэр,
Үс уостаах
Үрүҥ көмүс сэргэтигэр
Аҕыста аралдьыйан,
Тоҕуста туомтаан,
Онуһун олбуйан
Тоҕус хонук тухары
Чолоччу баайан кэбиспитэ,
Сиирэ астахха,
Симэһин тахсыбат буолтун кэннэ,
Хайа астахха,
Хаан тахсыбат буолтун кэннэ,
Ат сылгытын сиэтэн аҕалан,
Үс уостаах үрүҥ көмүс сэргэтигэр
Баайан туран эрэн,
Сүүрэр былыт
Сөрүөтүн сөрүөлээтэ,
Айыы былыт
Ыҥыырын ыҥыырдаата,
Курбуу-дьирбии холумун
Лиһигирэччи тардынна,
Күлэр уодьуганын
Көлөһөтүн булан
Көннөрөн кэтэртэ.
Ол кэнниттэн
Харалдьыктан көппүт
49