Page 54 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 54
Алла таммалыы турар
Араҕас илгэтэ
Өрүү эчэйбити эмтии турдун,
Ыалдьыбыты төннөрө,
Үтүөрдэ туруохтун!
Аан дойдум иччитэ,
Аан Алахчын Хотун эмээхсин,
Үтүө алгыскын
Үрдүбэр сүктэрэн көрүөххүн
Төһөлөөх буолуоҕай», — дии турбута.
(Ноо!)
Ол кэнниттэн
Өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ:
Аҕыс салаалаах
Аар хатыҥ
Аллараа салаатын быыһыттан
Саннын байаатыгар диэри түһэр
Арыы саһыл астаах
Эмээхсин дьахтар
Эмиийин кэрэтигэр диэри
Быган тахсыбытын,
Сүүрэн тиийэн,
Эмиийиттэн икки төгүл
Эҕирийэн ылан баран,
Үсүһүн эҕирийээри гыммытын
Уолугуттан ылан тиэрэ анньан кэбистэ.
«Улуу хаарахан,
Обороро тоҕо кытаанаҕай», — диэтэ.
Ол кэнниттэн
Хаҥха дьолуо ыҥыырыгар
Харалдьыктан көппүт
Хара улардааҕар хапсаҕайдык
Хатана түһэн баран,
Токутар улар курдук
Чоноччу олорон кэбистэ,
Күлэр уодьуганын
Көлөһөтүн булан,
Көннөрү тутан,
Куус гына кымньыылаан,
Уохтаахтык айаннаан киирэн барбыта.
(Ноо!)
54