Page 59 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 59

АЛЕКСЕЙ ЕЛИСЕЕВИЧ КУЛАКОВСКАЙ —
                            ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ
                                      (1877—1926)

    Өлөксөй тоҕус сааһыгар диэри Тыа-
раһаҕа олохтоох эбэтигэр, эһэтигэр
Собакиннарга иитиллибитэ. 1890 сыл-
лаахха Чурапчы оскуолатын туйгуннук
бүтэрбит, үөрэххэ тардыһыылаах Өлөк-
сөйү дьоно, сылы быһа үрдүкү суутта-
рынан туруорсан, эмиэ ороскуот бөҕө-
түн көрөн, реальнай училищеҕа киллэр-
биттэрэ. Үйэлэр усталарыгар холуон-
ньа буолан олорбут, туора урдустар
диэн үөрэхтэн матар аналлаах саха
саҥнаахтарга бу улахан кыайыы этэ.
А. Кулаковскай 1897 сыллаахха реаль-
най училищены туйгун ситиһиилэрдээх
бүтэрбитэ. Үөрэнэр сылларыгар Өлөксөй ордук математика,
черчение, геометрия курдук предметтэргэ уһулуччу дьоҕурдаа-
ҕа биллэрэ. Кинини долгутар араас проблемаларга аахпытын
ырытан, үгүс көрүүлэри холбуу тутан үөрэтэн араас трактат-
тары, рефераттары суруйар идэлээҕэ. Холобурун ыллахха,
саха норуота эстиэ дуо диэн санааттан кини норуоттар хай-
дах үөскүүллэрин, сиртэн симэлийэллэрин ырыҥалаан көрбүт.
«Соххор доҕолоҥ» үөрэхтээх дьонтон элбэх, сахалыы туох да
бэчээттэнэр кыаҕа суох кэмигэр хайдах үөрэҕи тарҕатыах-
ха сөбүй диэн былыргы книжниктэр туһаларын, оруолларын
үөрэппит.

                                                                                  Л. Р. Кулаковская

    Алексей Елисеевич Кулаковский — великий якутский народ-
ный поэт. Он народен не только потому, что… вся его поэзия
пронизана, освещена и согрета глубокой сыновней любовью
к родным якутам: он народен (и глубоко народен) потому, что
после прочтения его поэм у читателя, мало, допустим, знако-
мого или вовсе незнакомого с характером якутского народа,
возникает и складывается яркое и цельное представление…
о душе якутского народа, о самом народе как части челове-
чества…

                                                                                          В. Солоухин

                                                                                                                                      59
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64