Page 57 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 57

Уус-уран литература

      САХА УУС-УРАН ЛИТЕРАТУРАТЫН ТӨРҮТТЭНИИТЭ

    Саха бастакы уус-уран айымньытынан XIX үйэ ортотугар су-
руллубут А. Я. Уваровскай «Ахтыылар» диэн уочарката ааҕыл-
лар. Ол эрээри биһиги кинини саха литературатын төрүттээч-
чи быһыытынан көрбөппүт. Тоҕо диэтэххэ, ааптар утумнаахтык
суруйар, идэтийбит суруйааччы буолбатах этэ. Бу айымньы
нуучча литературатыгар оччолорго киэҥник тарҕана сылдьы-
быт, олоҕу хайдах баарынан эридьиэстиир хайысха сабыдыа-
лынан суруллубут. Ону нуучча литературатыгар «натурализм»
диэн ааттыыллар. Биллэн турар, бу айымньы сахалар оччо-
тооҕу олохторун көрдөрөрүн быһыытынан улахан суолталаах
айымньы.

    Саха литературатын төрүттээччинэн А. Е. Кулаковскай — Өк-
сөкүлээх Өлөксөйү ааттыыбыт. Кини 1900 сыллаахха норуок-
ка тылынан тарҕаммыт «Байанай алгыһа» диэн айымньыны
чочуйан, тупсаран аан бастаан сахалыы тылынан бэчээттэп-
питэ. Кини итинэн бүтэн хаалбакка, норуот тылынан уус-уран
айымньытын үгэстэригэр олоҕурбут айымньылары утуу-субуу
суруйталаан барбыта, олоҕун устата айар үлэнэн дьарыктам-
мыта. Оччолорго айымньыта төһө да барыта бэчээттэммэтэр,
дьон-сэргэ сөбүлүүр, кэрэхсиир буолан үксүн бэйэ-бэйэлэ-
риттэн илиинэн устуһан ааҕаллара, тарҕаталлара. Кини тугу-
нан дьону-сэргэни кэрэхсэппитэй? Ол туһунан П. А. Ойуунус-
кай маннык эппитэ: «Кэнники кэлэр дьылларга саха үөрэҕин,
саха тылын үөрэтэр дьоннор Өксөкүлээх Өлөксөй үйэтэ он-
нук этэ диэн туспа бэлиэтээн ааһыахтара. Сурукка суруллу-
бут тыл үгэһэ, тыл хоһооно, айар санаа илбиһэ Саха сиригэр
Өксөкүлээх үйэтиттэн ыла үөскээбитэ диэн бары этиэхтэрэ…»

    Ол курдук кини биһиэхэ норуотун дьылҕатын, инники кэски-
лин туһунан киһини толкуйдатар, долгутар дьоһуннаах айым-

                                                                                                                                      57
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62