Page 60 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 60

Ойуун түүлэ

                       Аҕыс сардаҥалаах
                       Аламай маҕан күн
                       Алаарыйа тахсан эрдэҕинэ,
                       Аан дархан олоххо
                       Аҥныбыт-айгыстыбыт
                       Айыы намыһын ойууна абаҕам,
                       Эҥинэ буолбут
                       Кулан аарык быарыктаах
                       Түөлбэ хаан дүҥүрүн
                       Үс төгүл охсон
                       Бүрдьүгүнэтэн баран,
                       Ыллаан ыҥсалыта,
                       Кутуран кулуһута,
                       Көрүүлэнэн лүһүгүрүү олордо…

                              — Бой-бой-бой!
                              Дом-дом-дом!
                              Дом-ини-дом!
                              Хор бу баара —
                       Бөлүүҥҥү түрбүөннээх
                       Түлэй бараан
                       Түүн ийэбэр
                       Түүл түһээн түҥнэһиннэхпинэ,
                              Мин бэйэлээх
                       Албаспын алкынан,
                       Хомуһуммун хомунан,
                       Кубулҕаппын куудьунан, —
                              Чуучугуруур туус тумус,
                              Чаачыгырыыр таас таҥалай,
                              Бүрүө харах,
                              Бүтэй мүлгүн,
                              Төгүрүк түрбүү кынат,
                              Атара кутурук,
                              Алтан сабарай,
                              Ала мондоҕой,
                              Тайбыыр дьаҕыл,
                              Сүҥкэн эрэли,
                              Хомпоруун хотой кыыл буоламмын, —
                       Күүстээхтик өрө көтөн күпсүйэн,
                       Салгынтан тайанан сабырыйан,
                       Чаҥ алтанныы чыҥырҕаан,

60
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65