Page 64 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 64
Олустук тутунна,
Салаҥнык сананна,
Сэттээхтик кэбилэннэ…
Үҥэр таҥаратыгар өстөннө,
Айыҥат хаантан араҕыста,
Аньыы баҕадьыны аргыстанна.
Бу туһуттан
Босхо бастаах
Бороҥ урааҥхайга
Үҥэр таҥарата өһүргэннэ,
Тойон таҥарата хоргутта,
Айыы таҥарата абарда.
Абаран санаата:
«Үрдүк таҥараҥ үөскэппит
Үөнүн-көйүүрүн,
Үтүө-мөкү кыылын
Үлтү кыртыҥ,
Үтэ оҥоһуннуҥ,
Үөскээбэт оҥордуҥ.
Өйгүнэн буоллаҕына —
«Үрүҥ күн анныгар
Үтүөлэрэ мин» диэн
Үтүөмсүйэн үлүннүҥ.
Үгүс үөрэхтэнниҥ,
Үрдүктүк сананныҥ.
Үрүҥ күн үтүөтүн
Үлүмнэһэн туран
Үмүрү тардынныҥ,
Үксээн үөскүүргэр
Үлүһүйэн үөрдүҥ,
Үрүт өттүгэр баары
Өйдүөбэт буоллуҥ…
Ол буоллаҕына —
Үөскүөҥ эрэ буоллар үөскээ.
Өрөһүлтэтэ суох
Үрүт-үрдүгэр
Үйэ аайы үөскүү тур, үксүү тур,
Үтүөҕүн көрүллүө» диэн,
Түстээн көнчүө бырахта.
Дьыраҥ өлүүнэн дьылҕалаата,
Имэҥ өлүүнэн илиннээтэ,
Содур өлүүнэн суоллаата…
64