Page 69 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 69
Кыырай маҕан халлааны
Кырсынан кылбаарыйан,
Кыыдааннаах кыһын хатын
Кыдьыгыттан кыраҕыйан
Кыйданар сирин диэки
Кырбадаһыннаан көрбүтүм:
Кытаайыкы таҥастаах,
Кыргыммат астаах,
Кыракый атахтаах,
Кыараҕас харахтаах,
Кыама суох ахсааннаах
Кытай омуктар,
Кымырдаҕас курдук,
Кыймалаһан туран,
Кыһын хатын
Кыыдаанныйар сирин диэки
Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ,
Кыһанан-кыһыйан туран,
Кыраҕы үлүгэрдик
Кыҥыыр буолтар эбит,
Кытыан-билэ ыччаттар.
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Ити кэлин өттүттэн
Индиэйискэй байҕалы
Инньэтэх өттүнэн,
Хамалай хайаларын
Хаҥас өттүнэн,
Кыргыс сиригэр кыһаммакка,
Пиэрсийэ сиригэр иҥнибэккэ,
Туур дойдутугар тохтообокко,
Уруускай омук
Ураал хайатын
Уҥуоргу өттүнэн
Одуулаан олордум.
Ол олорон көрбүтүм:
Уһун уорҕалаах
Ороссууйа хотун
Уҥа өттүгэр —
Хаспыыскай муора хадьааһыннаах,
Чуорунай муора ойоҕостоох,
Кырааһынай муора кытыылыктаах,
69