Page 72 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 72

Орой ньургунугар
                   Олохсуйан олорбут,

                          Өрөгөйдөөх үөһүгэр
                          Үктэллэнэн үөскээбит,
                   Талыы таһаатын
                   Таба тайахтаммыт
                   Талааннаах омук эбит.

                                  Ол омук
                                  Ордук омугу
                                  Оҕо курдук толкуйдуур,
                   Ааттаах омугу
                   Атаҕын аннынан саныыр,
                          Күүстээх омугу
                          Күөнүн аннынан көрөр.
                   Үөрэх бөҕөнү үөдүппүт,
                   Собуот обургуну субуруппут,
                   Баабырыка баҕадьыны бачыгыраппыт,
                          Аан дайдыга адьырҕалара
                          Аҥаардас мин диэн
                          Атыыр оҕустуу айаатаабыт,
                                  Орто дойдуга буолуннара
                                  Соҕотох мин диэн
                                  Соноҕос атыырдыы дьохсооттообут,
                   Ордоо халлааҥҥа
                   Ураҕас быстыбыт,
                          Үтүгэн түгэҕэр
                          Нүксүүр быстыбыт,
                   Отучча сылынан урут
                   Охсуһуу олоҕун оҥостуммут,
                          Бэрт өр бириэмэттэн
                          Сэрии тэрилин бэлэмнэммит,
                   Сүлүһүннээх сүрэхтээх,
                   Өһөгөйдөөх өйдөөх,
                   Ньармаанньыйа саарыстыбалаах
                   Дэбилгэннээх ньиэмэс омук

                                                диэн эбит аата.
                          Ол ньиэмэс этэр эбит:
                   «Ааттаах омуктар
                   Алгыстаах саарыстыбаларын
                   Атыйахтаах кымыс курдук,
                   Аймыы хаамарым буоллар,
                   Аан ийэ дайдыны
                   Аҥаардастыы баһылыктыам этэ;

72
   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77