Page 68 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 68
Нуой, ноколоор!
Нуой, хотуктаар!
Бу олорон
Истэ билгэлии,
Көрө бүдүүлүү,
Көрүү көрүүлэнэ
олордохпуна:
Илин итии муораны,
Иһит иитин курдук,
Эргийэ түһэ сытар
Эмиэрикэ сиригэр
Элбэхтэн элбэх
Эр сүрэхтээх,
Эрчимнээх иҥиирдээх,
Эгэлгэ мэйиилээх
Эр бэртэрэ
Бэркэ-бэркэ биһиги
Эрэстииттэр диэки
Эргичитэн саныыллар,
Эргистээн көрөллөр,
Элиэтээн ааһаллар эбит ээ…
Онтон баара
Ордук томороон долгуннаах
Оруһуоллаах уулаах
Охуоскай муора
Соҕуруу уһугун диэки
Одуулаан көрбүтүм:
Уу арыылара дойдулаах,
Олуона кирчим олохтоох,
Чолоруспут быһыылаах,
Чоруун бэйэлээх,
Дьоҕус уҥуохтаах,
Дьоҕурдаах идэлээх
Дьоппуон омук
Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ,
Тоноллоон туран,
«Тоһоҕос дьокуут омук» дии-дии
Тонолуппакка тобулу
Одуулуур буоллаҕа үһү, доҕоттоор!..
Кылбаҕар дьүһүннээх,
Кынтаҕыр быһыылаах,
Кыҥкынас саҥалаах,
Кыталык кыылым
68