Page 71 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 71

Сүндэ далайдарын,
Сүөһүлүүр омуктарын
Сүмэтин оборо сылдьар
Сүрдээх сүдү дьон эбит

      Ол Дьобуруопа дьоно…
      Ити дайдыны
      Аһара анаарбытым —
Атылантыычаскай байҕал
Ааттаах арыытыгар
Аан дайдыга
Аҥаардастыы аатырбыт,
Албастаах санаалаах,
Ахса суох ааллаах
Ааҕылычаан омук
Аатаан-күөтээн олорор эбит.

              Ол омук
              Өйүнэн сүүйэн,
              Тылынан кыайан,
              Албаһынан хаайан,
Тэҥнээх омугу тэҥнээҕэр
Тилийэн биэрэн баран,
Тигилээн бөҕө
Тэриллибитин кэннэ,
Тиитин охтотторон
Тииҥин итигэстиир
Идэлээх эбит,
      Күүстээх омугу күүстээххэ
      Көрүһүннэрэн баран,
      Күөххэ көтөр көлдьүн эбит,
Адьырҕа омугу адьырҕаҕа
Анньан биэрэн баран,
Алдьархай таҕыстаҕына,
Аһаах мастан
Астаан аһыыр
Адьынаттаах эбит…
      Бу Дьобуруопа хотун
      Омуктарын ортотугар
      Соҕотох омуктан
Хараҕым халтарыйда,
Куйахам күүрдэ,
Этим саласта.
      Дьобуруопа хотун

                                  71
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76