Page 73 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 73

Одурууннаах омуктар
      Дьоллоох олохторун
      Тордуйалаах уу курдук,
Тоҕо оймуурум буоллар,
Орто туруу дойдуга
Соҕотоҕун тойоргуом этэ;
      Икки атахтаах бииһин ууһун,
      Иһиттээх ымдаан курдук,
      Иҥнэри кэһэрим буоллар,
      Ийэ сири мин эрэ
      Иилиэ-саҕалыа этим», —

                            диир ахан эбит.

Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..

Ол Дьобуруопа хотуҥҥа дьон
Үөн курдук үксээн,
Көйүк көрдүк көөнньөн,
Туман курдук тунуйан,

      Ийэ сирдэригэр
      Иитиллибэт буолан,
      Истэрэ сипсийэн
      Этэ сытыыллар эбит:
      «Эргэ бэрээдэги эһэн
      Эҥин үчүгэйдэ
      Тэрийиэҕиҥ» диэн,
Олох дойдуларыгар
Олус туолан,
Оһоҕосторо хоргуйан
Олуһа сытыыллар эбит:
      «Урукку олоҕу уларытан
      Уйгулаах олохто
      Оҥостуоҕуҥ» диэн.
Харыларын сиилэлэринэн
Хайдах даҕаны
Хайаҕастарын бүөлэммэккэ,
Хаайса сытыыллар эбит:
«Хара баттыгаһы хаалларан,
Хайҕаллаах дьаһалы
Хаҥатыаҕыҥ» диэн.
      Ону баара —
Үгүс үйэлэртэн ыла

                                             73
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78