Page 78 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 78
Мандардаах мастаах,
Оһуордаах оттоох,
Сибэкки симэхтээх
Сир ийэ хатын
Сэриилэһэртэн кэлэйэн,
Охсуһартан уордайан,
Айыы дьонун атаарҕаан,
Күн дьонун көмүскээн,
Икки төгүл иҥиэттэн,
Үс төгүл түллэн,
Мөхсөн мөҥүөннэнэн,
Оргулун иһигэр
Орулаан лоһугуратан баран,
Очуос таас хайалар
Оройдорун тобулу
Ордоо халлааҥҥа диэри
Кутаа уотунан уһуутаата,
Күрүҥ кугас күлүнэн
Төлө сөтөллөн күүгүнэттэ…
Уһуутаабыт уота
Орто дойдуга төттөрү
Уот ардах буолан
Суодуйан тоҕунна.
Онтуката
Уот үрэхтэр буоланнар,
Улахан улуу куораттары
Уматалаан аастылар.
Күрүҥ кугас
Күлэ буоллаҕына,
Күүстээх былыт буолан
Көтөн кэлэн,
Күтүр үлүгэр
Күбүөрүнэ куораттары
Көмүтэлээн көттө…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Ити кэлин өттүттэн
Элбэх-элбэх ыраахтааҕы
Сэриитэ эймэннэ,
Саарыстыба-саарыстыба
Саллаата айманна,
78