Page 83 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 83

Дом-дом-дом!
Дом-ини-дом!
…………………………......….
Халыҥ саарыстыбалар
Хас эмэ аҥы хайыннылар,

      Туйгун саарыстыбалар
      Тус-туһунан тоҕуннулар,

             Ааттаах саарыстыбалар
             Аҥы-аҥы араҕыстылар.
Олохтоохпун диэн улуутуйбут
Оппут диэки өттүлэрэ
Ордук сорго оҕуттулар.
      Баабырыка, собуот
      Бараҕыллан хаалла,

                 Оҕуруот аһа олордор
                 Оннуттан уурайда,
      Бурдук ыһар
      Букатын уурайда:
Сиэмэлэрин сиэн кээстэр,
Аттарын амсыырдаан кээстэр,
Оҕустарын оһоҕоско уктубуттар.
      Мантан —
Аан дайдыга анаарбатах
Ахсым алдьархай таҕыста,
      Күн сиригэр көрбөтөх
      Күүстээх үлүгэр төрүөтэ,
                 Икки атахтаах истибэтэх
                 Иирээннээх сут эргийдэ.
      Онон холуйдахха,
Урукку улахан сэриилэр
Оҕо оонньуута эбиттэр,
      Ааспыт ааттаах сэриилэр
      Аччыгый айдаан эбиттэр, —
Ол уойбуттарын уйумуна
Охсуһар эбиттэр,
      Топпуттарын уйумуна
      Тоһугураһар эбиттэр,
Букатыннаах буҕа сор бу буулаата,
Хааттарыылаах хатан ыйаах бу хаайда.
      Аһыыр ааныттан баранна,
      Сиир сиик буолан симэлийдэ,
      Үссэнэр өрүү үүммэт буолла.

                                          83
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88