Page 79 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 79
Норуот-норуот
Дьоно чуоҕуста.
Күтүр үрэх
Күрүлгэнин курдук,
Күүстээх сэриилэр
Күөнтэспитинэн бардылар.
Халлаан сулуһун курдук,
Халыҥ хамаанда
Халыаннык хамнанна.
Муора балыгын курдук,
Муҥура суох элбэх
Модун ааллар
Мустан мөҥүөрүстүлэр.
Сордоҥ балык курдук,
Сор-суол ойоҕостоох
Умсар ааллар
Умсан сундулустулар.
Көмнөхтөөх харыйа курдук,
Күөх дьай күөннээх
Көтөр аал күтүрдэр
Көтөн күлүгүрэстилэр.
Хонуу борубуостара,
Хоҥор хаастар
Хоҥкунаһан иһэллэрин курдук,
Холбооһуннана-холбооһуннана
Холугурастылар.
Ситини кытары тэҥҥэ
Дьинэмииттээх тэргэттэр
Тииһигирэн туран
Тигинэстилэр,
Умса сылдьааччы,
Уолумардык эстээччи
Уу миинэлэрэ
Улуу ааллары умсардылар,
Сэрэппэккэ эстэр,
Сир анныгар
Сирэлиһэ сытар
Сир миинэлэрэ
Сэрии бөҕөнү
Сиҥнэртэлээтилэр.
Сахтыы саҥнаах
Салгын ааллара
Саһан кэлэн
79