Page 82 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 82
Собуоттар суһулланнар,
Соһумар олуур турда.
Атыы-тутуу аҕырамнаан,
Аата суох алдьархай арылынна,
Оонньуур-күлэр оннугар
Оһоҕос тоторо оччоото,
Көрүлүүр-нарылыыр оннугар
Көнньүнэн барар күһэйдэ,
Арыгылыыр-аһыыр оннугар
Аччык сылдьар ананна…
Арах-ара-а-ах!..
Кыраҕыйа чаҕыйыкы-ыа!
Тоҕо эрэ бу
Куһаҕан буомнарым
Бобута тутар буоллахтара үһү.
Тоҕо эрэ бу
Кэдирги биттэрим
Иҥнэритэ тыытар буоллахтара үһү.
Тоҕо эрэ бу
Түҥнэри бүттэрим
Түрүтэ тардар буоллахтара үһү..
Саарыстыбалаах ыраахтааҕылар
Саймаарбыт сабыдыаллара
Сабыллыбыт санаалаах
Саха айыы саҥнаах
Саргытын сыыһын
Саба тарыйан ааһыа
буоллаҕа дуу?
Улуу омуктар
Охсуспут соттуктара
Сор-суол ойоҕостоох
Дьокуут омук сордоох
Дьолун туомун
Тоҕо туолуйуо
буоллаҕа дуу?
Сүдү омуктар
Сүргэспит сүлүһүннэрэ
Сүүттэриилээх өйдөөх
Сүтүк омук оҕотун
Сүрүн-кутун
Сүүдүтэн көтүө
буоллаҕа дуу?..
82