Page 86 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 86
Баайбыт бараммытын,
Топпут тохтубутун кэннэ —
Ис иҥсэтэ иирдэн,
Оһоҕос обото олуйан,
Айах аһыыра албыннаан,
Кэлиэхситтэргэ киирэн биэриэхпит:
Бэттэрбитин нэктэл кулут,
Хаадыаппытын хамныыр кулут,
Эдэрбитин элигэн кулут
гыныахтара.
Аҕам дьахтар анахсыт,
Эдэр дьахтар эстэрээпэ,
Оҕо дьахтар оҕоһут буолуо.
Оҕонньор киһи
Оһох төрдүн олоччоҕо,
Куһаҕан эмээхсин
Кумалаан куолай буолуо.
Мантан антах
Оҕобут буомуруо,
Төрүөхпүт төннүө,
Ыччаппыт быстыа…
Оһохпут буруота суох,
Өтөхпүт төҥүргэһэ суох,
Сурпут кэриэһэ суох,
Сүүс сыл иһигэр
Өтөхтүүн сүтүөхпүт,
Уоттуун умуллуохпут,
Ааттыын арахсыахпыт…
Оччоҕо, арай
Хойукку үөрэхтээхтэр
Хоһоон гыныахтара,
Кэнэҕэски билээччилэр
Кэпсээн гыныахтара:
«Сайсары сыһыытыгар
Самныбыт санаалаах,
Саах балаҕаннаах
Саха диэн омук
Саһан олоорто үһү.
Дьокуускай уобаласка
Дьокуут диэн
Дьох омук
Дьон буолан иһэн
86