Page 90 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 90

Биһигини —
                   Хабараан тымныы
                   Хаарыйан-хаарыйан
                   Хатан харахтаабыта,

                          Уордаах тымныы
                          Мускуйан-мускуйан
                          Уһаарыылаах уҥуохтаабыта,
                          Кыыдааннаах тымныы
                          Кыһарыйан-кыһарыйан
                          Быстыбат тыыннаабыта.

                                     Ол буоллаҕына,
                   Хоту Муустаах муора хотун
                   Холугурас муус хоонньугар
                   Хорҕойо сытаммыт,

                          Аны биирдэ дьүһүн кубулунан,
                   Быста-быста салҕанан,
                   Тимирэ-тимирэ күөрэйэн,
                   Өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ…

                          Көһөн иһээччилэри
                          Көһүтэ-көһүппүччэ,

                                     Кэлэн иһээччилэри
                                     Кэтэһэ-кэтэспиччэ,
                          Тустаан иһээччилэри
                          Тоһуйа-тоһуйбучча.
                   Кинилэр диэтэх дьон
                   Бэйэлэрин киэнин,
                          Үөмэн тиийбэт
                          Үрдүк сололоох,
                          Үгүс үтүөнү үөдүппүт,
                          Үс дойду өйүн үксэппит
                          Үтүө үөрэхпит диэн ааттыыр,
                   Сэттэ уон сэттэ
                   Дьиибэ дьибилгэттэрин,
                   Дьэс эмэгэт гынан
                   Испитигэр иҥэрэн,
                   Ийэ куппутун иитиэхтиэҕиҥ,
                                  Аҕыс уон аҕыс
                                  Араас албастарын
                                  Алкыйан ылан,
                                  Ап гынан
                                  Салгын куппутун алыптыаҕыҥ,
                                  Тоҕус уон тоҕус
                                  Кудай кубулҕаттарын

90
   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95