Page 95 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 95

МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ

        Саас сайылыкка тахсар кэм. Киэһэ. Буор сыбахтаах балаҕан таһа.
  Уҥа, хаҥас өттө тыа, уун-утары хонуу көстөр. Балаҕан таһыгар У й б а а н

                                              мас суора олорор.

    У й б а а н (тохтоон табах тардар). Ыал буолтум тухары күн
тура-тура үлэлиибин-үлэлиибин да байан-тайан кэлбэтим. Со-
рох дьон тугу гынан, күөс үллэрин курдук, байаллара буолуой?
Санаан, толкуйдаан көрдөххө, дьэ муода буолар эбит. (Суо-
рар.) Мин тоҕо байбатым буолуой?.. Баай диэн үчүгэй да суол
ээ. (Тохтуур.) Баайым буоллар, бу курдук ыкса түүҥҥэ дылы
үлэлээн муҥнана турар этиэм. Дьаһайан, мөҥөн кэбиһэ-кэ-
биһэ, сытыам эбэтэр талбыт сирбэр сылдьыам этэ… Байар
наадатыгар киһи тугу баҕарар оҥоруон сөп. Ампаар алдьаппыт,
киһини да өлөрбүт киһи, дьон билбэтэллэр эрэ, туох буолуой.
Аньыы, аньыы диибит да, харах эрэ кылаадьыта тыл, дьиҥ
кырдьыгар тиийдэххэ, ким да аньыыттан куттаммыта көстүбэт.
Аньыы баарын да иһин, аньыытааҕар күн кыһалҕата улахан.
Ити Кууһума оҕонньор тугу киһиттэн ордугу оҥорон байбыта
буолуой? Киниэхэ ийэ-аҕа баай мунньан биэрбэтэҕэ. Оттон
мин хайдах даа гынан байарбыттан аастым. (Маһын суорар.)

                                        ИККИС КӨСТҮҮТЭ

                                          У й б а а н, Д ь э к и и м.

    Д ь э к и и м (Уйбаан аттыгар кэлэр). Кэпсээниҥ?
    У й б а а н. Суох. Эн тугу биллиҥ, доҕоор?
    Д ь э к и и м. Хайа доҕоор, бу тугу оҥоһуннуҥ?
    У й б а а н. Туохха эмэ туһа буолаарай диэн суора олоробун.
Бу бачча киэһэ ханна бардыҥ?
    Д ь э к и и м. Кууһума оҕонньордоохтон суха уларса баран
иһэбин. Иллэҥмэр сир тиэринэн көрүөм этэ. (Олорор, табах
тардар.)
    У й б а а н. Байаары күнүн-түүнүн билбэккэ үлэлиибит да,
байан быстыа суохпут быһыылаах.
    Д ь э к и и м. Байар чааһын мин олох санаабакка сылдьа-
бын. Ииттэр эрэ кыһалҕатын өйдүүбүн. Киһи баҕарбытын кур-
дук туох да буолбат ээ. Эн даҕаны дьадаҥы киһи аатырыаҥ дуо.
    У й б а а н. Улаханнык бөҕүөрүйбүт барахсан сылдьар эбик-
кин, ити гынан баран кимнээҕэр да баайга ымсыыра сылдьа-
рыҥ буолуо.
    Д ь э к и и м. Баҕарар ханна барыай да, хайдах гыныамый.
    У й б а а н. Байары биллэххэ, хайдах баҕарар буолуохха

                                                                                                                                      95
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100