Page 96 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 96

сөп. Мин, байарбын биллэрбин, тугу баҕарар оҥоруом этэ.
Бу күҥҥэ баайтан ордук дьол суох буолуохтаах.

    Д ь э к и и м. Эн санааҕар оннук буолуо. (Турар.) Тыала
суохха мас хамсаабат диэбиккэ дылы… Көнө сүрэҕинэн сыл-
дьан бэйэ иннин көрүнэн, кыһалҕата суох иитинэн олорор да
үчүгэй. Баай да эрэйдээх буолара буолуо ээ, ким байан көрөн
билэр. (Барар.)

                                         ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ

                                                     У й б а а н.

    У й б а а н. Ити киһи чамаархайдаҕын көр эрэ. Ити кэннэ
хайдах эмэ гынан барыстанан, албыннаан, байдарбын дии
сылдьара буолуо. Таҥара кимиэхэ да илэ баһан, кутан биэртэ
диэн суох ээ. Дьон кэм тугунан эмэнэн сылтаан байаллара
буолуо. (Суорар.)

                                       ТӨРДҮС КӨСТҮҮТЭ

                                        У й б а а н, М и и т э р э й.
                      У й б а а н аттыгар мас саа оноҕоһо кэлэн түһэр.

    М и и т э р э й (мас чаачар саалаах сүүрэн кэлэр). Уйбаан!
Оноҕоһум ханна түстэ, көрдүҥ дуо? (Көрдүүр.) Ээ, бу сытар
эбит дуу. (Ылар.) Биир чыычааҕы сыыһа ытан кэбистим ээ.

    У й б а а н. Хантан сылдьаҕын?
    М и и т э р э й. Сайылыкпытыгар бүгүн көһөн кэллибит, онон
сайылык ыалын оҕолоругар сылдьабын. (Саатын ииттэр.) Эн
Мааппаҥ ханнаный?
    У й б а а н. Баар, утуйбута буолуо. Бары таҕыстыгыт дуо?
    М и и т э р э й. Бэйэбит эрэ таҕыстыбыт, таһаҕаспыт-мал-
быт барыта балаҕаммытыгар хаалла.
    У й б а а н. Ону хаһан ылаҕыт? Тоҕо хааллардыгыт?
    М и и т э р э й. Сарсын, уол иллэҥ буоллаҕына, таһыахпыт
үһү. Мааппа биһиэхэ малааһын сии тоҕо барбата? Оҕо мээлэ
элбэх мустубута.
    У й б а а н. Истибэтэхпит.

     М и и т э р э й барар сирин диэки, саатын ылан баран, сүүрэн хаалар.

                                        БЭҺИС КӨСТҮҮТЭ

                                                     У й б а а н.

    У й б а а н (олорон). Сайылыктарыгар тахсыбыттар эбит ээ.
Тоҕо ыксаан малларын быраҕан таҕыстахтарай? (Тохтуур.)
Саастарын тухары баттаабыт, муспут харчылара, дохуоттара

  96
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101