Page 100 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 100
тураары гынным дуу. Дьон эрэ билбэтэллэр, аньыы диэн туох
буолуой, ол хаһан өлөн буор анныгар киирбиппит кэннэ ким
кэлэн иэстиир үһү, оннооҕор киһини өлөрбүттэр сылдьаллар.
Аньыытааҕар саат улахан. (Ол-бу диэки көрөр.) Барыахха, тии-
йэрим эрэ буоллар, ампаары тиэрэ булкуйан көрүөм этэ, ыал
утуйда ини. Урут уора үөрэммэтэх буоламмын, хайдах эрэ…
Ээ, ол эрээри биир санааны ылыныахха.
Түргэнник барар.
УОН БИИРИС КӨСТҮҮТЭ
М а р ы ы н а.
М а р ы ы н а (ытаабыт). Бии хара дьайдаах барбыт ээ.
Туох ааттаах имнэннэ буолла. Киһи буолбат оҥоһууга абааһы
сөрүөһүннэҕэ буолуо. (Балаҕан ойоҕоһугар олорор.) Туох кэ-
бин кэбилэнээри гынныҥ диэбиппэр сии сыста. Хараҕа-сирэ-
йэ турбута сүрдээх. (Тохтуур.) Хайдах гынарбыный?.. Хайдах
да гынар сир суох. Тыллаан биэрэр эмиэ сүрэ бэрт. Ок-сиэ,
итинтэн сылтаан туохха-туохха түбэһэн иһэбит… Дьоҥҥо бил-
лэрдэргин эрэ, эйигин өлөрөн баран барыам диир. Абааһы
имнэммит буоллаҕына, кырдьык, өлөрүө даҕаны. Дьэ алдьар-
хай… Туох истиэ, көрүө баарай. Оттон бэйи, саатар, өлүү
өһөскө, кини уоран аҕалбытыттан туһамматарбын үчүгэй этэ.
Оо, тойон таҥара!..
М а а п п а (бэйэтэ көстүбэккэ, саҥата иһиллэр). Ийээ!
Ханна баран хааллыҥ?
М а р ы ы н а. Тукаам! Бу олоробун. Билигин киириэм. Ту-
рума, бар утуй!
М а а п п а. Аҕам эмиэ итиннэ баар дуо?
М а р ы ы н а. Чэ-чэ, саҥарба, баар… Билигин киириэхпит…
Саатар, аҕатын майгытын ити чыычаах оҕото билбэтэ буоллар
үчүгэй буолуо этэ. (Турар.) Били күтүр өстөөх тугу-тугу эрэ
дьаабыланан эрэрэ буолла. Дьэ өлүү… (Барар.)
Быыс түһэр.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Уйбаан туох киһиний? Баай уонна Дьол диэн өйдөбүлү хай-
дах сибээстиирий? «...бэйэҕэ бэйэ хамначчыт буолуута»
диэни эһиги хайдах өйдүүгүтүй?
2. Уйбаан «Мин, байарбын биллэрбин, тугу баҕарар оҥоруом
100