Page 103 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 103
дии, таҥара хайыыр. Бурдукпут үүннэр эрэ, аны кыһын туох
да буолуохпут суоҕа этэ.
М а а б ы р а (лэппиэскэтин күөрчэххэ булуур, чэйин кутар,
олорор, чэйдииллэр). Кугас бургунаһым барахсан миигин көр-
дөр эрэ, ыҥырана түһэн баран, сүүрэн кэлээхтиир ээ. Үчүгэй
үүттээх, уруулаах ынах буолуо… Бурдукпут аҕыйаан эрэр, бу
үлэ күннэригэр сиэн баран уурайыахпыт, окко сиир бурдук
ордумаары гынна, үлэ суох күнүгэр сылбархай чэй иһэ-иһэ,
үүтүнэн, суоратынан да сырыттахха син буолуо.
Д ь э к и и м. Саҥарба доҕор, соҕотох айахтан аһы харыс-
тыыр диэн баара дуо. Тыыннаахпыт, үлэлиирбит тухары айах-
пытыгар аһы булан аһыахпыт.
М а а б ы р а. Эчи оннук ини. Сааспыт тухары үлэлиибит-
үлэлиибит да, байбыппыт холоон, көрдөр эбиллибэт уонча
ынахпыт. Хор, ити оҕобут улаатан эрэр, онно аны, кыра да
буоллар, ойох ылан биэрэр, туспа дьиэ тэрийэр баар.
Д ь э к и и м. Хата үлэлиир буоламмыт уонча ынахпыт кө-
ҕүрээбэт буоллаҕа дии. Үлэлээбэппит эбитэ буоллар, ити уон-
ча ынахпытын биир сыл сиэхпит этэ. Ол үрдүгэр ыраастык
аһаан-таҥнан олоробут, онтон ордук туох наада. Ол оҕо бэ-
йэтин иннин бэйэтэ көрүнүө, киниэхэ баай мунньан биэриэх
санаалаах олороҕун дуо? Бэлэм аҕа муспутугар да хаалбыт
оҕолору син киһи көрөр. Киһи бэйэтиттэн буолар диэбэттэр
дуо. Ити былыр Сүллүгэс Сүөдэр оҕонньор, бэйэтэ айаҕар
амтаннааҕы аһаабакка, санныгар бүтүн таҥаһы таҥныбакка,
кыра дьону баттаан-атаҕастаан туран баай мунньан уолугар
Болтоһоҕо хаалларбыта. Онтукатын Болтоһо толору биир сыл
га тиэрпэтэҕэ, чалбах уутун курдук уолан хаалта. Ону да сыа-
налаан көрүөххэ сөп. Кыра эрдэҕиттэн улаатыар дылы үлэ-
хамнас быһыытын билбэккэ атаахтык иитиллибитэ, ол үрдүгэр
аҕатын курдук киһини баттыыр киһи буолбатах, бэйэтэ ханнык
да дьиэ дьаһалтатын, үлэтин сатаабат. Дьэ оннук буолбут кэн-
нэ туох баайа тулуйуой. Итинник киһини кырдьаҕастар «баайга
иһитэ суох үүсээҥи эбит» дииллэр да, ол иһиттээҕин, иһитэ
суоҕун иһин, бэйэтэ кыайан биир салаа оту быһа охсубат,
олох дьаһалтатын сатаабат, киһиттэн сатаан албыннаан ылбат
буолтун кэннэ, хантан «иһиттээх» буоллум диэн эбиллэ туруой.
М а а б ы р а. Оттон тылынан устар ууну сомоҕолуура эрэ
бэрт дии.
Д ь э к и и м. Акаарытыттан дьадайдаҕа диэн эттэҕиҥ дуу.
Өйүн чааһынан киһиттэн итэҕэһэ суох өйдөөх киһи. Ол гынан
баран, өй даа тус-туспа буолар дииллэр дии.
103