Page 102 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 102
МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ
Д ь э к и и м.
Д ь э к и и м (мас кыһа олорор). Уйбаан муода киһи доҕор,
бэҕэһээ киэһэ суха уларса сылдьан таарыйбытым, байымаары
гыннаҕым диэн кыыһыра турар ээ. Хайдах ити курдук санаа-
лаах киһи эбитэ буолла. Билигин да бэйэтэ бэйэтин уйуттар
киһи. Урут итиннигин билбэт этим ээ. Барыбыт байыахпытын
баҕарабыт даа, байар кытаанах ээ, быһыыта.
Чэ, ол эрээри хары да сиилэтэ, сатаан сырыттахха, киһи-
ни син иитэр. Биһиги баҕас бүгүн эрэ испит тоторугар үөрүөх-
пүтүн сөп. Ол хаһан үп-харчы мунньан байаары. Бу дойдуга
үөскээбит киһи туохха да хараҕа туолбат. Арай «иинин буо-
ругар туолар» диэн өс хоһооно баар. Онуоха дылы төһө даҕа-
ны баай диир дьоммут «сөп буоллубут» диэн уурайбаттар ээ,
бадаҕа. Оттон мин, үөрэҕэ суох киһи, санаабар кыһалҕата
суох иитинэн эрэ олорор буоллахха сөп. Баай киһини өлөртөн
быыһыыра биллибэт. Өлөр симиэт баай да диэн харыстаабат.
Син биир барыбыт өллөхпүтүнэ, бото сөрүө саҕа сиртэн ор-
дугу былдьыахпыт суоҕа. (Тохтуур.)
ИККИС КӨСТҮҮТЭ
Д ь э к и и м, М а а б ы р а.
М а а б ы р а киирэн илиитин суунар.
Д ь э к и и м. Хайа доҕоор, били уол турда дуо?
М а а б ы р а. Ээ суох, көрбөтүм. (Соттор.) Ынахтарбын кыт-
та мөхсө сырыттым. Эриэн торбоспут эмиэ ыалдьыбыт. Сору-
йан ыалдьыбыт быһыылаах.
Д ь э к и и м. Торбос абааһыта сиир буоллаҕа дуу. Ол тоҕо
турбат оҕонуй? Турдар, Кууһумалаахтан баран суханы аҕалыа
этэ. Сирбит сииктээх эрдэҕинэ, тиэрэн көрүөхпүт.
М а а б ы р а (чаанньыгын аһан көрөр). Бу аспыт уолан
хаалбыт дуу. Утуйаахтаатын ээ, бэҕэһээ киэһэ хойукка дылы
оҕолору кытта оонньообута.
Д ь э к и и м (маһын уурар). Хата бу, чэйгин кут. Оҕо тур-
даҕына тобоҕун да иһиэхтин (остуолга олорор).
М а а б ы р а (лэппиэскэ аҕалар). Ыл доҕор, ити лэппиэс-
кэни тоһут. (Чааскытын аҕалар, мас чааскыга дагдалыыр,
күөрчэхтиир.)
Д ь э к и и м (тоһута олорон). Быйыл бурдукпутун таҥара
биэрдэр, абырал буолуо этэ. Ол эрээри ардах сөбүгэр түһэр
102