Page 97 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 97

төһө эрэ элбэх буолла. Бии этэргэ дылы, ампаардарын ал-
дьатан, үптэрин көтөҕөн ылбыт киһи хайдах эрэ буолуо эбитэ
буолла. (Мичээрдиир.) Миигин ыллаҕа диэн ким да уорбалыа
суоҕа этэ… (Тохтуур.) Бэйи эрэ, дьол хараҕа суох буолар диэн
өс хоһооно баар, аны мин байар оҥоруубар дохуоттарын-үптэ-
рин быраҕан барбыттара буолаарай… Киһи эрэ түбэһэ көр-
бөтөр туох буолуой… Ким көрүөй? Көрөр, кэтиир да киһи суох
ини (табах тардар). Дьон билиитинэн, албынынан байбыттар
бэрт элбэх бааллар даа син кимнээҕэр да үчүгэйдик, «кыр-
дьаҕас» аатыран олороллор, ким даа кинилэри буруйдаабат.
Ити Күдэрик уолун, маҥнай ол-бу дии сылдьан бараннар, син
умнан кээстэрэ, оттон кини, дьон билиитинэн, киһини талаан
баай аатырбыт киһи… Мин сөп санааны буллум ээ, муҥар,
мантан чугас, туох да суох да буоллаҕына, эрэйэ даа аччыгый,
төннөн кэлиэм буоллаҕа дии… Бу курдук саас тухары бэйэҕэ
бэйэ хамначчыт буолара куһаҕана бэрт. (Тохтуур.) Чэ кэбис,
арай бу түүн булгу баран дьол тардыһан көрүүһүкпүн…

                                        АЛТЫС КӨСТҮҮТЭ

                                           У й б а а н, М а а п п а.

    М а а п п а (балаҕантан тахсан). Аҕаа, киирэн аһылыккын
аһыаҥ үһү.

    У й б а а н. Сөп, киириэм. Бар, эн киир, аһаан утуй. Ийэҕин
ыыт, манна тахсан маспын тутан биэрдин.

    М а а п п а. Сөп. (Киирэр.)

                                       СЭТТИС КӨСТҮҮТЭ

                                          У й б а а н, М а р ы ы н а.

    М а р ы ы н а (кэлэр). Аһаан да баран уһаммаккын ээ, туох
ыксалай. (Кэлэн аттыгар турар.)

    У й б а а н (күлэр). Эмискэ баай хотун буолуоххун баҕа-
раҕын дуо?

    М а р ы ы н а. Хаһан байаары баҕардамый. Байар даҕаны
таҥараттан ыйаахтаах ини.

    У й б а а н. Ыйааҕырдын-ыйааҕырбатын, бу дойдуга баай-
тан ордук дьол суох… Бэйи, иһит эрэ, маннык сүбэ баар: Куу-
һума оҕонньордоох бүгүн сайылыктарыгар тахсыбыттар.

    М а р ы ы н а. Онуоха туох сүбэтэ баарый?
    У й б а а н. Истэн ис… Үптэрэ-маллара барыта балаҕанна-
рыгар хаалбыт, ону бу түүн баран сүгэн ыллахха хайдах буо-

                                                                                                                                      97
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102