Page 99 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 99

сааспыт-үйэбит тухары түбэһиэ суоҕа, онтон мүччү түһэрээри
кубулунар буоллаҕа. Оттон бэйи!.. (Баран киирэр.)

                                       ТОХСУС КӨСТҮҮТЭ

                                       Б а һ ы м н ь ы Д ь а а к ы п.
                         Сааскы түүн хараҥата, өр соҕус ким да суох.

    Б а һ ы м н ь ы (тыа диэкиттэн ааһан иһэн, балаҕан таһы-
гар тохтуур, сүгэни ылан көрөр). Дьааһык киэһэ1. Биир абаа-
һы кыыһа маска атыллан өлбүтүн кэритиэхтэрэ. Оок, Уйбаан
обургу хайыы-үйэҕэ утуйан оҥторон хаалбыт ээ. Сылдьыам
дии санаабытым да, чэ кэбис. (Мас үрдүгэр олорор.) Дьаа-
һык киэһэ! (Күлэр.) Үнүрүүн миигин батан таһаарбыта, киһи
буолуо суох үүсээҥи… Абааһы таҥараны кытта иирсэн эрэл-
лэр үһү. Холобур, хайалара баһылыктыырын былдьаһан дьаа-
бы буолан эрдэҕэ буолуо. Чэ, ол курдук. Хата, миигин тыыта
иликтэр. Миигин тойон оҥордоллор, мин иирсээни ууратыам
этэ. Абааһы туой киһини сиэтэрбин дии сылдьар, киһиэхэ тоҕо
өстөммүттэрэ эбитэ буолла. Миигин биирдэ куорат нуучча-
тын тойоно ыҥыран ылан ыйытта: «Туохха наадаҕыный, туохха
баҕараҕын?» диэн, онуоха мин «туохха да баҕарбаппын» диэ-
биппэр, буурдук баһын быһа илгистэн кэбистэ (илгистэр). Дьэ
онон абааһы икки таҥара иккиттэн хайалара эрэ кыайан тойон
буолар буолла? Дьааһык киэһэ! Хата, Кууһума оҕонньордооххо
барыыһыкпын, бэрт үчүгэй майгылаах оҕонньор, ол эрээри ки-
нини да абааһылар сиэхтэрин баҕараллара буолуо ээ (күлэр,
турар). Дьааһык киэһэ. Бу түүн абааһылар мунньахтарыгар
сылдьыам этэ. Син мунньахтаахтар ээ (күлэр), хайа киһини
сиибит диэн буолуо ээ (барар). Дьааһык киэһэ!..

                                         ОНУС КӨСТҮҮТЭ

                                                     У й б а а н.
                                     Балаҕан иһигэр саҥа иһиллэр.

    У й б а а н (кыыһырбыт киһи быһыытынан саҥара-саҥара
тахсар). Күөх сирэй! Бэйи, иннигин ылыам ээ, кыыһыҥ суоҕа
буоллар, көрдүөбүккүн биэриэм этэ ээ (сүгэтин ылар). Кини
барсыһара улахан үһү. «Аньыы» диир буоллаҕа, акаары… (Тох-
туур.) Бу соҕотох сүгэнэн тугу кыайаары турдамый. (Хойгуо
сытарын ылар.) Хата бу бэрт сөп. (Тохтуур.) Уоран көрө илик
этим, хайдах эрэ уҥуоҕум хамсаата ээ. Уоруом диэтэххэ ыны-
рык суол. Арай түбэһэ кэллиннэр?! Уҥуоҕум хамсаата дии-дии

     1 Өлбүт киһи үөрүн кэритэри «дьааһык киэһэ» дииллэр (ааптар быһаарыыта).

                                                                                                                                      99
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104