Page 104 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 104
М а а б ы р а. Эчи оннук ини. Мин санаабар, киһини эрэ
күллэрэрин өйдүүр. Ханнык ол курдук улахан өйдөөх үһү. Чаан-
ньыктаах чэйтэн эрэ исиһэрин билэр киһи ини.
Д ь э к и и м. Эн биһикки баҕас тугу биллэхпитий. Ол, баҕар,
өйө киэҥиттэн оонньуулаах буолара буолуо…
ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ
Уруккуларга Б а һ ы м н ь ы.
Б а һ ы м н ь ы (киирэн иһэн күлэр). Дьааһык киэһэ! Дьэ бө-
лүүн абааһылар төттөрү-таары сырсыакалаһан бөҕө биэрди-
лэр. (Олорор.)
Д ь э к и и м. Дьаакып, кэпсиэ. Кэл, хата, чэйдэ ис.
М а а б ы р а чэй кутар.
Б а һ ы м н ь ы. Кэпсээн кэмэ-кэрдиитэ суох (иһэр). Арай
аан дойду үрдүгэр абааһылар алыс элбээннэр, киһини сүгүн
утуппат-олорпот буоллулар.
Д ь э к и и м. Дьэ инньэ гынан?
Б а һ ы м н ь ы. Инньэ гынан оҕордук. Туох баар абааһы
барыта сир анныттан сир үрдүгэр көһөн тахсыбыттар. Тоҕо
таҕыстылар буолла? Инньэ гынан туох да кэмэтэ суох, кылы
кырбаабыт курдук, элбэх буолбуттар. Күтүр өстөөхтөр син
биһиги курдук төрүүллэрэ-үөскүүллэрэ буолуо ээ. (Күлэр.) Ол
тахсаннар, аны киһи иһин аайы киирэн олороллор эбит, сорох
киһи иһигэр хас эмэ абааһы батар эбит. Тоҥор буолан, киһи
иһэ сылааһын иһин киирдэхтэрэ буолуо. Инньэ гынан аны ман-
тан антах киһи киһини сиэһэр буолуо үһү. Абааһы олохтоммута
туох аанньа буолуой. (Күлэр.) Эн искэр эмиэ биир эмэ абаа-
һы кииртэ буолуо, баҕар, биир эмэ киһини сиэри олороруҥ
буолуо. Эн сиэбэтэххинэ, эйигин ким эмэ сиэн кэбиһиэ даа,
онон бүтэр. Дьэ муода. (Күлэр.) Онон күн аайы дьааһык киэһэ
буолар…
Д ь э к и и м (чэйтэн уурайан, маһын кыһар). Бу киһи арааһы
кэпсээн эрдэҕин. (Күлэр.)
Б а һ ы м н ь ы. «Бу тоҕо ыал аайы нуучча эрэ мэтириэтэ
таҥара буолар, сахаттан тоҕо биир эмэ таҥара суоҕуй?» —
диэн бэҕэһээ аҕабыппыттан ыйыппытым иһин, тээтэ мөҕөн
өлөрө сыста, батан таһаарда. Инньэ гынан дьыалаҕа түбэһэн
сылдьабын. Аҕабыт иһигэр абааһы киирдэ буолла, суох буол-
ла. Таҥара даа син баар. Дьиҥ баарын баар гынан баран,
ханна олороро эбитэ буолла? Эмиэ киһи иһигэр буолуо ээ.
Дьэ киһи иһэ киэҥ да буолар эбит.
104