Page 108 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 108

диэн өс хоһооно баар. Мин даҕаны эйигин атаҕастаан, баай-
сан этэбин дии санаабаппын.

    Б ы л а т ы а н. Эн, Дьэкиим, бука, түбэһиэҥ ээ, сыыһа гына-
ҕын. Хата, манна бэйэ икки ардыгар билинэн кэбис.

    Д ь э к и и м. Туох диэн билиниэмий, хайдах уорбатах эрээ-
ри уорбутум дэтээри гынаҕын дуо? Хайа, оччоҕо алдьархайа
даа бэрт буолаа ини, бэйэбэр бэйэм тиийиниэхпин эмиэ ба-
ҕарбаппын ээ.

    К у у һ у м а. Көнө суобаска киириммэт буоллаххына, мии-
гиттэн хоргутумаар.

    Б ы л а т ы а н. Чэ, туоһулар, арай дьэгдьийэрбитигэр тиий-
дэхпит. (Турар.) Дьэкиим, сээкэйгин көрдөр.

          Дьиэ иһинээҕи ол-бу сири көрөллөр, Уйбаан илии-атах буолар.

    Д ь э к и и м (дьааһыгын аһар). Кэлиҥ, доҕоттоор, бу дьаа-
һыгы көрүҥ. (Уоһун иһигэр.) Ок-сиэ, киһи эҥин эҥиҥҥэ түбэ-
һэр ээ, түһүөтэххэ түүлгэ да суох суол… Чэ, кытаатан үчү-
гэйдик көрүҥ, бу орон анныларын, таҥаһы эҥини. (Бэйэтэ
көмөлөһөр.)

    Б ы л а т ы а н. Дьиэ иһигэр туох да суохха дылы дии. Та-
һырдьа ампаары, умуһаҕы көрүөххэ, чэйиҥ, тахсыаҕыҥ. (Бары
тахсаллар.)

    С э м э н (тахсаары туран уоһун иһигэр). Ылбыт да буол-
лаҕына, ампаарыгар, умуһаҕар укпатах киһи буолуо ээ. Оок-
сиэ! Көтөр кынаттаах түүтүн эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһи-
гэр буолар диэн кырдьык даа буолар эбит… (Тахсар.)

                                       СЭТТИС КӨСТҮҮТЭ

                                                     Т и и т э п.

    Т и и т э п. Дьэ муода. Мин аҕам уорбута буолуо дуо? Ол
эрээри уорбатах киһини тоҕо уорда диэхтэрэй. (Туран оһох
иннигэр турар.) Дьэ муода… Тоҕо уордаҕай?.. Ээ, ол эрээри
уорбатаҕа буолуо.

                                        АХСЫС КӨСТҮҮТЭ

                                          Т и и т э п, М а а б ы р а.

    М а а б ы р а (киирэр). Бу туох дьоной, ханна бардылар?
    Т и и т э п. Биһиэхэ кэлбиттэр.
    М а а б ы р а. Тоҕо?
    Т и и т э п. Кууһума оҕонньор ампаара алдьаммыт, ону суол-
луу сылдьаллар. Биһигини дьэгдьийдилэр. Ийээ, мин аҕам уор-
бута буолуо дуо?

 108
   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113