Page 112 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 112
7. Дьэкиими уорбалааһын кэмигэр Уйбаан тылын-өһүн, хай-
дах туттарын-хаптарын кэтээн көрүҥ. Киһи туох санааҕа
кэлэрий?
8. Дьэкиим «Ол аайы сууту да буруйдуохха сатаммат, бэйэ-
бит буруйдаахпыт, сүрэхпит куһаҕан, санаабыт сидьиҥ,
барсы ордоробут» диэн тылын ис номоҕун быһаарсыҥ.
9. Дьэкиим кырдьыгын таһаарынар кыаҕа суох дуу эбэтэр мөл-
төҕө, ньүкэнэ итиччэ дуу?
10. Дьэкиим уолугар «…кыра атаҕастабылы-баттабылы уйар
буол» диэн эппит кэс тылын эһиги ылынаҕыт дуу эбэтэр
атыннык саныыгыт дуу, кэпсэтиһиҥ.
11. «Тыала суохха мас хамсаабат диирим да, тыала да суох-
ха хамсыыра кэллэҕинэ хамсыыр эбит» диэн Дьэкиим
этэрэ олоххо баар дуо?
ТӨРДҮС ТӨГҮЛЭ
ООННЬУУР ДЬОНО:
Д ь э к и и м.
Ө р ү ү н э э м э э х с и н.
Т и и т э п.
М а а п п а.
Б и и р у о л.
Б о л т о һ о.
Б а һ ы м н ь ы.
Э д э р д ь а х т а р.
К и һ и.
Итини таһынан биэс-түөрт 14—15 с а а с т а а х о ҕ о л о р.
ООННЬУУР СИРДЭРЭ:
Үһүс оонньууттан биэс сыл ааспытын кэннэ Кууһума оҕонньор балаҕанын
таһа. Көрөр сиртэн оонньуур сир уҥа өттүгэр — эргэ, иччитэх, түннүктэрэ
аһаҕас балаҕан тас өттө, уун-утары — эргэ ампаар аана истиэнэлиин, хаҥас
өттө тыа. Оонньуур сиргэ дүлүҥ сытар. Сааһыары сайын. Күнүс. Оонньуур сир
улаҕатынан суол. Быыс аһыллыан иннинэ оҕолор күлсэллэр, саҥарсаллар.
МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ
Биэс-түөрт кыыс-уол оҕолор харах симсэ сылдьаллар, күлсэллэр.
ИККИС КӨСТҮҮТЭ
Уруккуларга Т и и т э п.
Т и и т э п (эмискэ кэлэн). Оҕолоор!
Оҕолор ханна түбэспитинэн тохтууллар.
Т и и т э п. Оҕолоор, ити балаҕан сүрдээх иччилээх ээ, киэ-
112