Page 117 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 117

ТОХСУС КӨСТҮҮТЭ

                                            Д ь э к и и м соҕотох.

    Д ь э к и и м (табах тардар). «Муҥ маһы кэрийбэт…» «Дьол-
лоох киһи». Ити кэриэтэ сиэбит-аһаабыт хара түөкүн эн баар-
гын дии-дии тайаҕынан кырбаабыта буоллар, ордук буолуо
этэ… Дьон эрэ бары ити курдук саныахтара буоллаҕа. Кууһума
оҕонньор кылаатын сиэн баран сототунан оонньуу сылдьар
дииллэрэ биэс тарбах курдук биллэр… (Бүк түһэн санааргыы
олорор.)

  Уҥа диэки ыраах соҕус куолакал тыаһыыр, ырыа иһиллэр. «Свя-той таҥа-
            ра!.. Свя-той бө-ҕө!!! Свя-той өлбөт, абы-ра-а би-һи-ги-ни!..»

   Хаҥас өттүгэр оҕолор айманан күлсэллэр: «Мин куоттум, мин кыайдым».
    Дьахтар саҥата: «һай-һай! Ханна барда!» Уҥа диэки маҥнайгытынааҕар
     ыраах уораан эрэ иһиллэр. «Свя-той өл-бөт, абы-ра-а. Би-һи-ги-ни!..»
    Хаҥас диэки ыраах эр киһи куолаһа ыллыыр: «Дьээ-буо! До-ҕот-то-ор!»

            Оҕолор айманаллар. Чыычаах ыллыыр, дьоннор кэпсэтэллэр.
                 Бу бириэмэҕэ Дьэкиим бүк түһэн саҥата суох олорор.

    Д ь э к и и м. Бу аата буоллаҕа аан дойду олоҕун оонньуу-
та… Сорох ытыыр, сорох санааргыыр, сорох баттанар, сорох
төрүүр, сорох өлөр, сорох оонньуур-көрүлүүр… Бары — олох
оонньуурдара.

                                         ОНУС КӨСТҮҮТЭ

                                         Д ь э к и и м, Б о л т о һ о.

    Б о л т о һ о (ааһан иһэн көрөн кэлэр). Бай, бу кимий? Дьэ-
киим эрэйдээх эбиккин дуу? Дорообо, доҕоор! Барахсан.

    Д ь э к и и м. Дорообо! (Дорооболоһоллор.)
    Б о л т о һ о (олорор). Хайа, кэмчилээбэккэ кэпсиэ. Хай-
дах-туох сылдьаахтаатыҥ? Оттон биһиги олороохтуубут.
    Д ь э к и и м. Хайдах сылдьыамый? Хаайыылаах быһыыты-
нан буоллаҕа дии. Эһиги хайдах олороҕут? Мин дьонум тыын-
наахтар дуо?
    Б о л т о һ о. Бэйэм чааһым, аан дайдыны атахпынан арҕа-
ран, айахпар аһаан сылдьабын. Эн кэргэттэриҥ этэҥҥэ оло-
роохтууллар. Хата, эн тахсаргын истэн, кэтэһэ олороллор.
    Д ь э к и и м. Бу Кууһума оҕонньор хаһан өлбүтэй?
    Б о л т о һ о. Ээ, өр буолла. Оҕото сотууҥҥа өлбүт сүөһү
этин сиэн тыктаран өлбүтэ, бэйэтэ онтон тэптэрэн ыалдьан
өлбүтэ. Баайа адьас эстибитэ, эмээхсинэ Өрүүнэ ыалга дьу-
каах олорор. Кини дойдутугар, олоҕор саҥа ыал үөскээбитэ.
Билигин онно тоҥмут иттэр, хоргуйбут аһыыр.
    Д ь э к и и м. Ол кимий?

                                                                                                                                     117
   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122