Page 122 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 122
БЭҺИС ТӨГҮЛЭ
ООННЬУУР ДЬОНО:
М а а п п а.
Т и и т э п.
У й б а а н.
Ө н д ү р э й оҕонньор, кырдьаҕас киһи.
Д о р о п у у н.
Б о л т о һ о.
Д ь э к и и м.
Х а м н а ч ч ы т к и һ и.
Б а һ ы м н ь ы Д ь а а к ы п.
ООННЬУУР СИРДЭРЭ:
Уйбаан дьиэтэ. Нууччалыы дьиэ. Икки ааннаах. Биир куукунаҕа тахсар,
биир таһыттан киирэр аан. Аан таһынан түннүк. Уҥа истиэнэҕэ түннүк ан-
ныгар кырабаат орон, ол иннигэр кырааскалаах остуол. Кылгас хаптаһын
соҕуруокка быыс, онно сиэркилэ ыйаммыт. Олох мастар. Бары дьиэ тэрилэ
аныгылыы, ыраас, үчүгэй.
МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ
М а а п п а.
М а а п п а (иистэнэ олорор). Аҕам Мырбас Өндөрөй уолу-
гар эргэ таҕыс диэн сүрдээхтик даҕаны кыһарыйар буолла.
Мин да өсөһүм өһөс дуо, барбатарбын үчүгэй этэ. Кини сө-
бүлээтин да сөп курдук саныыр ээ. Ол эрээри билигин мин
сөбүлүүр киһим, бука, сатаныа суоҕа ээ, бииринэн, уоруйах,
хаайыылаах уола буоллаҕа, иккиһинэн, күн турдаҕым аайы
аҕам майгытын-сигилитин сэрэйэн, тоҕо эрэ сүрэхпэр ытта-
рар буолан эрэбин. Ийэм бокуонньук, «оттон саҥаран көр эрэ»
дии-дии таһыйдаҕына, этэр буолара: «Күтүр өстөөх, миигин
кырбаан да тугу туһанар үһүгүөн, наай гэннэ өлөрөө инигин,
онно да аньыыҥ, буруйуҥ бырастыы буолуо суоҕа». Кырдьы-
га даҕаны, кырбаныыттан сылтаан өллөҕө буолуо ээ. Тоҕо ити
курдук өстөммүтэ буолуой? «Ити хара санаалаах дьүһүнэ эрэ
киһи курдук ээ» диир буолара, туохтан ол курдук этэрэ эбитэ
буолла?
ИККИС КӨСТҮҮТЭ
М а а п п а, Т и и т э п.
Т и и т э п (куукуна аанынан киирэр). Мааппа! Аҕаҥ суох
дуо? Ханна барда?
М а а п п а (үөрэр). Тиитэп кэллиҥ дуу? Аҕам отун көрө бар-
быта. Кэл, манна олор.
122