Page 124 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 124
М а а п п а. Ол эрээри өйдүө, мин кыайбатахпына, эн кыы-
һырыаҥ суоҕа, сөп дуо? Бука кыыһырыаҥ. Мөҕүөҥ ээ.
Т и и т э п. Тыый, тоҕо кыыһырыамый? Хата аһына-аһына кө-
мөлөһүөм буоллаҕа дии. Мин эйиэхэ хаһан даа кыыһырыам
суоҕа. Хата сааһым тухары эйигин оҕо курдук таптыам, маа-
нылыы сылдьыам.
М а а п п а. Бэйи. (Тарбаҕын баттыыр.) Бастаан. Биһиэхэ
хас чэй сөп буолуой?
Т и и т э п. Икки дуу? Үс дуу?
М а а п п а. Ону хантан ылабыт?
Т и и т э п. Бастаан утаа дьонтон иэс ылыахпыт. Ол кэннэ
ону сээкэйинэн төлүөхпүт буоллаҕа дии.
М а а п п а. Иккиһэ бурдук. Төһө бурдугу сиэхпитий?
Т и и т э п. Уонча буут тиийиэ.
М а а п п а. Онтукабыт ханна баарый? (Күлэр.)
Т и и т э п. Мин аҕабыттан икки-үс бууту ылыам, ол гэннэ
бэйэбит үүннэриэхпит буоллаҕа дии. Мин бурдук ыһары бэк-
кэ сатыыбын. Эн оҕус сиэтиэҥ, мин суха тутуом. Өссө элбэх
бурдугу үүннэрдэхпитинэ, ордорон атыылаан чэй, табах гы-
ныахпыт, хор, ол курдук.
М а а п п а. Арыыбыт?
Т и и т э п (күлэр). Ээ, эттэххин даа, арыы баҕас ынахтан
тахсыа буоллаҕа дии. Өссө ордорон, атыылаан харчы гыныах-
пыт.
М а а п п а. Эппит? Ээ чэ, этэ даа суох олоруохпут, оннук
буолбат дуо?
Т и и т э п. Тоҕо этэ суох олоруохпутуй? Араас ыалдьыт-хо-
ноһо сылдьыа, бэйэбит даа сиэхпит. Биир ынахпытын идэһэ
гыныахпыт буоллаҕа дии.
М а а п п а. Хайа, оччоҕо ынахпытын сиэн даа бүтэрииһикпит
дии.
Т и и т э п. Эттэххин даа. Хайа, төрүөхтэрэ? Сыл ахсын түөр-
түү-биэстии торбос баар буоллун, ыраах буолбат дуо? Итин-
тэн олуллар диэн баара дуо.
М а а п п а (кыбыстыбыт киһи быһыытынан). Арба оннук этэ
дуу. Төрүөҕү умнан кэбистим. (Сүүрэн баран түннүгүнэн кө-
рөн кэлэр.)
Т и и т э п. Олох чааһыгар саамай улахана баар…
М а а п п а. Туох баарый?
Т и и т э п. Саамай улахана — киһи ордугар ымсыырыма,
киһини тыытыма, бэйэҥ сүрэҕэлдьээмэ даа онтон атына ба-
124