Page 121 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 121
Б о л т о һ о. Бэйи, мин эмиэ барсыым. Оҕоҥ, дьахтарыҥ
эрэйдээхтэр төһө эрэ үөрэллэр. Үөрбүт дьон сирэйдэрин кө-
рөрбүн таптыыбын.
Д ь э к и и м. Чэ, хата аргыстаһан хаамсыах. (Иккиэн барал-
лар.)
Б а һ ы м н ь ы. Дьааһык киэһэ. Абааһы таҥараны кытта туп-
сан эрэр үһү. Тупсумуна, өстөспүттэрэ даа өр буолла. (Сис
туттан барар.) Дьааһык киэһэ!..
Быыс.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Аан дойду литературатын бастыҥ айымньыларыгар утары
өйдөөх-санаалаах, сиэрдээх-майгылаах, өстөөх дьон ыччата
таптаһара ойууланар. Тиитэп уонна Мааппа сыһыаннара дьиҥ-
нээх таптал дуо? Таптал буоллаҕына, бу дьон туруулаһар,
охсуһар кыахтаахтар дуо?
2. Дьэкиим кырдьыгым тиллиэ диэн эрэммэт курдук. «Ман-
тан ордук аан дайды атаҕастабыла диэн туох баар буо-
луой…» диэн кини муҥатыйар быһыыта дуу эбэтэр атын
санаа баттыыр дуу?
3. Өрүүнэ эмээхсин монологар тугу этэрин болҕойуҥ, Дьэкиим
муҥатыйарын кытта тэҥнээн көрүҥ. Хайалара да буруйа
суох дьон тоҕо муҥутуур муҥҥа тэбилиннилэр?
4. Өрүүнэ Дьэкиими тоҕо «Дьоллоох, сүһүөҕүҥ үрдүгэр сыл-
дьар киһи, эн, тыыннаах эргилиннэҕиҥ дии…» диирий? Дьэ-
киим дьоллоох дуо?
5. Өрүүнэ тоҕо «…киһини кытта кыайан тирэспэт буолбут
киһибин…» диэн этэрий? Дьэкиими, уоруйаҕы, кытта тоҕо
«тирэһиэн» сөптөөх курдук саныырый?
6. Болтоһо, Баһымньы Дьэкиими хайдах көрсөллөрүй, туох
диэн айах туталларый?
7. Оонньуу бу төгүлүгэр суруйааччы дьахтардаах эр киһини
тоҕо киллэрдэ, онон тугу этэрий?
8. Болтоһо дьон-сэргэ майгытын, Баһымньы абааһы уонна бэрт
былдьаһыы туһунан этиитин болҕойуҥ, манна туох санаа,
түгэхтээх өйдөбүл иһиллэрий?
121