Page 118 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 118

Б о л т о һ о. Эн былыргы ыалыҥ, үөлээннээҕиҥ — Уйбаан.
Биир сыл тайҕаҕа бара сылдьан, оҕус тардыытынан көмүһү-
харчыны аҕалан, соҕотохто күөс үллэрин курдук, аатын билбэт
буола байан олорор. Бэйэтэ итиннэ (уҥа диэки ыйар) саҥа
сэп туттаран олорор, кини хамначчыттара, ынахсыттара оол
олороллор. (Хаҥас диэки ыйар.) Билигин улуус кырдьаҕаһа,
баайа буолла.

    Д ь э к и и м. Байар, дьадайар түргэн даа буолар эбит. Ол
иһин кини баайга баҕалаах киһи этэ.

    Б о л т о һ о. Олох оҥоһуута ол курдук буолар эбит. Кини да-
ҕаны баайынан эрэ буолла. Маҥнайгы ойоҕо эмискэ ыалдьан
өлөн хаалта, куһаҕан санаалаахтар сир аннынан кэпсэтэллэр,
ойоҕун кырбаан кыайда, өһүрэн өлөрдө диэн. Оттон иккис ойоҕо
бүгүн буорга киирэр күнэ, бэйэтэ өлөр сэллик буолан, өкчөччү
таттаран сылдьар. Онон баайын кыайан иҥэринимээри гынна.

    Д ь э к и и м. Буоллаҕа… Олох киһинэн оонньуур эбит буол-
лаҕа. Олоҕу киһи талбытынан оҥорор дииллэрэ сымыйа, хата
олох киһини хайдах баҕарарынан тутар эбит! Бу мин эмиэ
олох оонньуура буолан, түбэһэн таҕыстым даа, оннооҕор ор-
дук олуурга түбэһииһикпин быһыылаах. Аны миигин кытта ким
киһилии кэпсэтиэй, аны миигин ким киһи курдук саныай.

    Б о л т о һ о. Сөпкө этэҕин. Дьон үчүгэйин, куһаҕанын, кыр-
дьыгын, сымыйатын өйдөөбөккө, үрдүнэн көрөн киһини өлөрөр-
самнарар үгэстээхтэр. Ол гэннэ самнарбыттарын наар таҥна-
ры баттыыллар, көтөхпүттэрин наар өрө таһаараллар. Дьон
тыла иҥмитин кэннэ төлөрүйэр бэрт кытаанах буолсу. Онноо-
ҕор мин бачча сааспар дылы дьон тылыттан төлөрүйэ иликпин,
буруйум диэн былыр аҕам баайын бараабытым, онтон атын
киһиэхэ куһаҕаны оҥорбутум диэн суоҕа. Хор, дьон тыла, ол
курдук, иҥнэр эрэ арахсан биэрбэт. Эн дьон тылыгар кыһа-
ныма, хаһан эмэ кырдьыгыҥ тахсыа, мин ону билэн-сэрэйэн
сылдьабын, ону ол курдук дии санаан кэбис.

    Д ь э к и и м. Кырдьыгым тахсыа диэн эрэммэккэ олоробун,
доҕоор…

    Б о л т о һ о. Мин эн атын киһи аньыытын сүкпүккүн таайа
саныыбын. Чэ, ол курдук. Сырыта сылдьан сыаналаан көрдөх-
хө, дьон, норуот да муода буолар: сорох киһини, урукку өттө
хайдах даа куһаҕанын аахпакка, халлааҥҥа тиийэ өрө тардар
идэлээхтэр.

 118
   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123