Page 116 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 116
лаҕан!.. Иччигин сиэн баран чоҥкуйа кырыаран турдаххын даа.
Биэс сыл анараа өттүгэр бу курдук мас чоҥкуйан хаалан, ыал
муннугар олоруом диэн түүлбэр даа суоҕа. Кырыыстаах кы-
раабытын, тыллаах эппитин курдук, буолара кэллэҕинэ буо-
лар эбит. Тойон таҥара оҥоһуута кытаанах буоллаҕа… Саатар
оҕом баар буоллаҕа дуу? Киһи олордоҕуна эрэ олоро түһэр
эбит. Бу курдук икки харахпынан көрбөт, муҥу көрөн, буо-
ру сөҕөн сылдьыам кэриэтэ, тойон таҥара сынньаттаҕа баҕас
дуу. (Ынчыктыыр, баран мас үрдүгэр олорор, оҕолор оонньуур
саҥалара иһиллэр, күлсэллэр.)
Д ь э к и и м. Оок-сиэ, Өрүүнэ эмээхсин сордоох эбит дуу.
Сүрдээх да дьүһүннэммит. Миигин төһө эрэ кыраан эрэр. Өс-
төнүөн да сөбө. Ок-сиэ, куһаҕанын, ыараханын ньии… (Тох-
туур, эмээхсиҥҥэ.) Эмээхсиэн! Кэпсиэ эрэ!..
Э м э э х с и н. Суох, тукаам. Хайа оҕом эбитиҥ буолла?
Көрбөт буолан, билэрбин да билбэт буолбут киһибин.
Д ь э к и и м. Буолаахтаамына… Мин бу эргиннээҕи киһи-
бин. Бу ханна бараахтаатыҥ?
Э м э э х с и н. Ээ, тукаам, били Уйбаан барахсан дьахтара
кистэнэригэр аҕабыт кэлэр, онно аҕабыты көрсөн, бокуонньук-
тарым тустарынан кэпсэтээйэмий диэн, бу мааҥы сарсыар-
даттан айаннаан иһэр дьүһүнүм.
Д ь э к и и м (уоһун иһигэр). Миигин билбэт. Хайдах гынар-
быный? Ээ, синэ биир, кэнники син истиэ. (Улаханнык.) Эмээх-
сиэн! Миигин билбэтиҥ дуу? Мин Дьэкииммин ээ, куораттан
тахсан иһэбин.
Э м э э х с и н. Хайа Дьэкиим эбитиҥ буолла? Билбэтим ээ.
Д ь э к и и м. Оттон… Оттон бии… Эн… (Тохтуур.) Остуруок-
ка олорор Дьэкиим…
Э м э э х с и н (тайаҕар тирэнэн турар). Остуруок, остуруок…
Дьэкиимэ буоллаҕыҥ. Эх-ээх… Дьэ өйдүөтүм. (Тохтуур.) Ол
эбиккин дии. Ээх-ээх! Дьоллоох, сүһүөҕүҥ үрдүгэр сылдьар
киһи, эн, тыыннаах эргилиннэҕиҥ дии… Киһини да кытта сы-
таан кэпсэппэт буолбут киһибин. Эн Дьэкиим эбиккин дии.
(Хараҕын уутун соттор, сөтөллөр.) Күн сырдыгыттан матан, өҥ-
көөппүн өҥөйөн, бүгүн-сарсын өлөөрү хардыргыы сылдьар сор-
доохпун, онон киһини кытта кыайан тирэспэт буолбут киһибин…
Аны аҕабыт ырыатын куоттаран кэбиһиэм. Баран көрүүһүкпүн.
(Аргыый барар.) Оо, тойон таҥара, арааһы көрдөрөн, иһитин-
нэрэн эрдэҕиҥ!!! (Дьон диэки эргиллэн.) Ол эрээри муҥ маһы
кэрийбэт, киһини булар эбит… (Барар.)
116