Page 115 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 115
СЭТТИС КӨСТҮҮТЭ
Д ь э к и и м.
Д ь э к и и м (тохтуу түһэн баран, куул сүкпүт, илбирийбит
болтуолаах, ааһан иһэн тохтуур, көрөр). Ок-сиэ, бу дойду өтөх
буолан хаалбыт дуу. Тоҕо түргэнэй, мин баарбына манна тип-
тиҥинэс этэ. Хата, манна сынньанан, табахтаан ааһыахха.
(Дүлүҥ үрдүгэр олорор.) Дойдубун ахтыбытым бэрт буолан,
түүннэри-күнүстэри хааман илистибиппин даҕаны. (Табах ууру-
нар.) Биэс сыл икки ардыгар улаханнык да уларыйар буолар
эбит, эгэ киһитэ хайдах буолта буолуой? Дойдубун туохтан
да улаханнык ахтан-ахтан кэллим даа, дьонум миигин хайдах
көрөллөр буолла? Уоруйах, биир баай ыалы мас чоҥкуппут
хара түөкүн диэннэр, хааннаах ыт курдук көрүөхтэрэ буолла-
ҕа. Итинтэн атын диэн этиэхтэрин да сатаммат. Оо, сымы-
йаҕа дьон күлүгүрдэ, туората көрөрүттэн, саныырыттан ордук
абалаах, куһаҕан баар буолуо дуо. Хайдах гынан ырааспын
таһаарынан, дьоҥҥо уруккум курдук үчүгэйдик санатыамый?..
Ээ, суох, хайдах даа гынар суох… (Тохтуур.) Дьоҥҥо буруй-
дааҕынан көстүөх кэриэтэ, өлбүтүм да буоллар ордук буолуо
эбит, куоракка да маннык буоларын билэ-билэ, төрүөбүт дой-
дум, оҕом, ойоҕум тардыыта, ахтылҕана улахан буолан тахсы-
бытым. Дьэ абалаах суол, доҕоор, бэйэбин ааһан, оҕобун кир-
титиэхтэрэ, хараардыахтара буоллаҕа. Туох иннигэр? «Киһи
тыла иҥмит киһитэ киһи буолбат» диэн өс хоһооно баар, ол
кырдьык быһыылаах. Остуруокка араас буруйдаах дьону кыт-
та олордум. Онно биир даа киһи мин буруйум иннигэр сөп-
кө олоробун диэбитин истибэккэ эрэ төлөрүйдүм. Оннооҕор
көрдөрөн туран өлөрбүт, алдьаппыт дьон хоп курдук «биһиги
буруйбут суох, баттаан түбэһиннэрдилэр» дэһэллэр. Онон он-
нооҕор остуруок дьонугар сатаан булан, бэйэбин ыраастам-
матым. Биирдэ эмэ балыырга түбэһэн сытабын диэн кэпсиэ-
тэхпинэ, тойон дьиэлээх тугу эппэт буолуоҥуй, итиннээҕэр
буолуоҕу этэллэрэ диэх курдук мичээрдээн бараннар, саҥата
суох буолуохтааҕар, «ээх-ээх» дииллэр. Эгэ манна ыраастанан
кырдьыгы таһаарынар кэлиэ дуо… Мантан ордук аан дайды
атаҕастабыла диэн туох баар буолуой… (Бүк түһэн олорор.)
АХСЫС КӨСТҮҮТЭ
Д ь э к и и м, Ө р ү ү н э эмээхсин.
Ө р ү ү н э (хараҕын саба бааммыт, ынчыктыыр, тайахтаах,
аргыый кэлэн балаҕаны тула көрөр). Оо, хара сордоох ба-
115