Page 111 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 111
буолбат. Биһиги даҕаны үчүгэйбит кэлиэ. Таҥара атынынан
аһыныа. Эн даа улахан киһигин, өйдүө. (Тохтуур.) Тукаам, Куу-
һума оҕонньорго өстөнөр, хоргутар буолаайаҥый, кини буруйа
суох. Кими да кытта иирсибэт буол. Тыала суохха мас хам-
саабат, тыытыспат буоллахха, ким даа тыыппат. Кыра атаҕас-
табылы-баттабылы уйар буол. «Тыала суохха мас хамсаабат»
диэн өс хоһоонун өйдүө. (Турар.) Чэ барыахха, ыҥырбыттара,
аны ыксыы олоруохтара.
М а а б ы р а. Биһиги хайдах ыал буолуох дьоммутуй… (Кыа-
йан саҥарбат.)
Д ь э к и и м. Ытаама, доҕоор. Оҕоҥ даҕаны мин оннубар
иитиэ-аһатыа буоллаҕа дии. Итиччэ киһи ону-маны өйдүүр
ини. Баҕар, билигин кэлиэм. Ол эрээри сэрэххэ… (Тохтуур.)
Ыытар да буоллаллар, кэлэн бараа инибин. Чэ, ол эрээри
сэрэххэ, бырастыылаһыаҕыҥ. (Ойоҕун кууһан туран ууруур,
уолун эмиэ, ытамньыйар.) «Тыала суохха мас хамсаабат» дии-
бин да, тыала да суохха хамсыыра кэллэҕинэ хамсыыр эбит.
(Тахсан иһэн.) Чэ тукаам, мин тылбын өйдүө, улахан киһи буол.
(Тахсар. Маабыра ытыыр.)
Быыс.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Биһиги баҕас бүгүн эрэ испит тоторугар үөрүөхпүтүн
сөп», «Бу дойдуга үөскээбит киһи туохха да хараҕа туол-
бат», «…кыһалҕата суох иитинэн эрэ олорор буоллахха
сөп», «Баай киһини өлөртөн быыһыыра биллибэт» диэн
Дьэкиим монологар этэр санаатын ис номоҕо тугуй? Хары
күүһүнэн иитинэн олорор киһи ити бэлиэ, түгэх өйдөбүллэ-
рин туох дии саныыгыт?
2. Дьэкиим хайдах ыал аҕатай? Дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана хай-
даҕый?
3. «Киһи бэйэтин иннин бэйэтэ көрүнүөхтээх» диэн Дьэкиим
этэрин эһиги туох дии саныыгыт?
4. Төрөппүт бэлэмэ, бэлэм баай-дуол Болтоһо Ньукулайга тоҕо
иҥмэтэ?
5. Дьэкиим «…өй даа тус-туспа буолар дииллэр дии» диэн
этэрин хайдах өйдүүгүт?
6. Баһымньы көннөрү иирээки эрэ дуо? Кини тылыгар-өһүгэр,
дьикти-дьиибэ сэһэнигэр туох эмэ суолталаах баар дуо? Хо-
лобур, «Дьэкиим, ити мэлдьи илиигин иллэҥнээбэккэ үлэ-
лии олороруҥ үчүгэй» диэн этиитин ис номоҕо туох буолуон
сөбүй?
111